Суруйааччы Айсен Дойду күн сириттэн күрэннэ

Суруйааччы Айсен Дойду күн сириттэн күрэннэ

06.03.2024, 18:28
Хаартыска: "Сахалайф".
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 6 күнүгэр биллиилээх суруйааччы, драматург, киинэ үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи Сивцев Айсен Дмитриевич-Айсен Дойду суох буолла. Кини кулун тутар 3 күнүгэр 83 сааһын туолбута…

2021 сыллаахха»Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммит, суруналыыс Егор Карпов  Айсен Дойдуттан ылбыт интервьютун ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

«Стилягалартан” бастыҥнара

1957 сыллаахха Аан дойду ыччатын бэстибээлэ Москва куоракка буолбутун кэнниттэн дойду үрдүнэн “стилягалар” муодалара үөдүйэ сылдьыбыта. Бу сүүрээн киин куораттарга эрэ буолбакка, Саха сиригэр тиийэ тарҕаммыта. Кыараҕас ыстаан, дьэрэкээн, араас оҕурсу, эбисийээнэ ойуулардаах ырбаахы, килиэккэлээх кэтит бинсээк кэппит эдэр уолаттар манна да баар этибит. Биллэн турар, Москваҕа курдук дэлэйдик ити таҥаһы булар уустук этэ, онон үгүспүт манна тигиллибит таҥастарынан “стилягалыыр” этилэр.

Маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт ыстааны кыаратан тигэн, онтон-мантан дьэрэкээн таҥас булан иистэнэр дьоҥҥо муодунай пиджак тиктэрэн сордоноллор этэ. Оттон мин дьонум соҕуруу элбэхтэ көтөр буоланнар, таҥаһым дьиҥнээх “фирма” этэ.

Бары ымсыырар пиджакпын аҕам, Суорун Омоллоон аҕалбыта. Арба, бачыыҥкабыт эмиэ туспа — халыҥ микропора уллуҥах­таах, “корочки” диэн ааттыыр этибит. Оннугу мин тэлэбиидэнньэҕэ үлэлиир аймаҕым Афанасий Федоров аҕалбыта. Хас даҕаны синньигэс хаалтыһы, “фирма” ыр­­баахыны эмиэ кини аҕалтаабыта. Хор, ол курдук чугас дьонум оҕо эрдэхпиттэн араас үлүһүйүүлэрбин өйүүр этилэр.

Дьиҥэр, “стиляганы” былаастар бопсор этилэр ­буоллаҕа, дружинниктар сойуолаһар этилэр, туттахтарына, ыс­­тааммытын быһа кырыйан, муодунай баттахпытын тараҕайдыы кыры­йан ыыталлар этэ.

Аны муусукабытын хантан ылар этибитий диэ? Приемнигынан “Голос Америки” араадьыйаттан устан ылар этибит. Сонуннарын “глушилканан” мэһэй оҥороллор этэ, 11 чааска муусука биэриитэ кэлэр этэ, ону мэһэйдээбэт этилэр. Дьэ уонна бобиналаах магнитофоҥҥа устан баран, “буги-вуги” үҥкүүлээн битийии. Эдэр көлүөнэ хаһан баҕарар аҕаларын утары барар кэмнээх буолар, ол урут да баара, билигин даҕаны баар.

Хоһооннорбун Сэбиэскэй былаас сөбүлээбэтэҕэ

Айар үлэбин хоһооннортон саҕалаабытым. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан соччото суох, эдэр оҕо барыта суруйар таптал туһунан хоһоон сыыстарын айар этим. Онтон Москваҕа Киинэ институтугар (ВГИК) сценарист үөрэҕэр киирэн баран авангардистскай быһыылаах, ис хоһоонноох хо­­һооннорунан үлүһүйбүтүм.

Хас да аныгы көрүүлээх устудьуону кытта мустан, бэйэбит “самиздат” суру­наалбытын кистээн таҥар ­буолбуппут. “Футурик” диэн ааттаабыт сурунаалбытыгар туох да хааччаҕа суох, ким хайдах таптыырынан суруйан, көҥүл айар баҕабытын ханнарар этибит. Онтон ол сурунаалбытын буланнар, деканакка ыҥыран мөҕүү, сэрэтии бөҕөтө буолла.

Хата, кэмэ 60-с сыллар­даах “ириэрии” кэмэ буолан, үөрэхпититтэн даҕаны уһулбатахтара. Ол оннугар үөрэхпин бүтэрэн, дойдубар кэлэн үлэҕэ киирэрбэр мэһэй буолбута — “уорганнар, киһигитин көрө сылдьыҥ” диэн сурук ыыппыттар эбит, ону кэлин билбитим. Онтон сылтаан биир да эрэдээк­сийэҕэ ылбакка, сордообуттара. Хоһооннорбун өр кэм устата ханна да бэчээккэ ылбатахтара.

“Айсен Дмитриевич, тоҕо хо­­һоонноруҥ рифмата суохтарый, туочукаларыҥ, сопутуойдарыҥ ханналарый?” диэн ыйытар этилэр. Классическай форматы тутуспакка суруллубут айымньылары ис хо­­һоонуттан тутулуга суох ылбат этилэр. Олох хойутуу, 1985 сыллаахха Эстонияҕа “Vikerkaar» (ол аата, “Кустук” диэн) сурунаал көҥүл формалаах хоһооннору бэчээттиирин истэн, сөмөлүөккэ олоро биэрээт, көтөн тиийдим.

Онно “биир-икки хоһооммун бэчээттииллэрэ буолаарай” диэн санаалаах тиийбитим, ааҕа-ааҕа, “Өссө баар дуо? Өссө баар дуо?” дии-дии, барытын ылан баран, олус түргэнник бэчээттээн таһаарбыттара. Ити сурунаалга бэйэтин кэмигэр Сергей Довлатов, Михаил Веллер курдук көҥүл көрүүлээх ааптардар цензураттан куотан, ордуулана сылдьыбыттар эбит.

Уларыта тутуу арҕаа өрөспүүбүлүкэлэргэ эрдэ саҕаламмыта. Онтон биһиги да дьоммут тиллэн, 90-с сылларга хара баһаам айымньы күн сирин көрбүтэ.

Биэс сыл иһигэр Сойууһу кэрийбитим

Уопсайынан, айаҥҥа олус чэпчэкитик турунар айылҕалаах киһибин. Оттон эдэр сылдьан олох даҕаны бүтүн Сойууһу тилэри көппүттээхпин. Ити ВГИК-кэ үөрэммит биэс сылым тухары Саха сиригэр кэлбэккэ, баар өрөспүүбүлү­кэлэри барытын кэриэтэ кэрийбитим.

Хайдах оннук айаҥҥа үп булар этигиний диэн ыйытыаҥ? Онно маннык — сиэппэр солкуобайа суох айанныыр ньыма көстөн, буор-босхо кэриэтэ кэрийбитим. Биирдэ үөрэҕим бүппүтүн кэнниттэн Горькай куораты көрүөхпүн баҕардым (оччолорго Максим Горькай кинигэлэрин үлүһүйэн ааҕа сылдьар кэмим этэ).

Харчым аҕыйах, онон “куобах” быһыытынан олорсоору, кэлэр-барар ньыма көрдүү сырыттым. Ону биир кырдьаҕас дьахтар, “уолчаан, кэл, таһаҕаспын богуоҥҥа киллэрэргэ көмөлөс эрэ!” диэтэ. Кинини кытта киирэн баран, көһө сылдьан айаннаан, бэрт баҕайытык тиийдим.

Дьэ ол кэнниттэн, ити нымабынан биэс сыл тухары Прибалтиканы, Кавкаһы, киин оройуоннары барытын кэрийбитим. Оннооҕор гостиницаҕа даҕаны ороскуотурбат этим — куорат таһыгар тахсан от кыбыытын булан, бэрт минньигэстик уту­йар этим.

Ити айанныы сылдьан, “Сойуус саамай кэрэ кыргыттара ханна олороллоруй?” диэн ыйытыыга хоруй көрдөөбүтүм. Эдэр, кэргэнэ суох уолга ити сүрдээх суолталаах сыал буоллаҕа дии. Ис санаабар, үрдүк уҥуохтаах, сырдык харахтаах Прибалтика кыргыттара бу “күрэххэ” бастыыллар диэн толкуйдуур этим. Ол эрэн, кинилэр үгүстэрэ тоҥуй баҕайы, саҥата-иҥэтэ суох кыргыттар эбит, биирдэрэ даҕаны сүрэхпин сүүйбэтэҕэ.

Грузияҕа, Дагестаҥҥа, Азербайджаҥҥа үчүгэйкээн бэйэлээх кыргыттар баар этилэр эрээри, саамай кэрэ кыргыттары үөйбэтэх сирбэр көрсүбүтүм.

Биирдэ Украинскай ССР киин куоратыгар Киевкэ, аатырбыт Крещатик уулуссаҕа тахсыбытым, дьэ доҕоор, кэрэчээн бэйэлээх кыргыттар кырыы-кырыытынан! Онон саамай кыраһыабый кыргыттардаах дойдунан Украинаны ааттаабытым. Онно биир Светлана диэн кыыһы кытта билсэн таптаабытым. Ол да буоллар, дойдум кыргыттара быдан ордук буоллахтара, кэнники саха кэрэ кыыһын ойох ылан, олоҕум аргыһа оҥостубутум.

Киинэ үөрэхтээх үлэһит

Били эппитим курдук, дойдубар кэлэн баран, үлэ булбакка сырыттым. Онно эмиэ ВГИК выпускнига, Саха сиригэр маҥнайгы анал үөрэхтээх оператор Никандр Саввинов “бииргэ үлэлиэх” диэн ыҥырда. Администратор диэн дуоһунаһы Иркутскайга баран үлэм киниискэтигэр суруйтарбытым уонна иккиэн бииргэ Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийэ сылдьан, икки сыл устата үлэ бөҕөнү үлэлээбиппит, киинэ матырыйаала бөҕөнү устубуппут.

«Восточная Сибирь» диэн кинохроника студиятын Саха сиринээҕи үлэһиттэрэ буолбуппут. Маҥнайгы киинэбит «Зима в якутской тундре» этэ, иккиспит «Чороон» диэн, норуот маастардарын туһунан киинэ, итини Нам Хатырыгар үксүн устубуппут.

Сценарий суру­йабын, режиссер курдук эмиэ үлэлиир этим. Мааһым табыллан үлэлээбитим, ханна эрэ эрэдээкси­йэҕэ бүгэн олоруохтааҕар, дойдубун биир гына кэрийбиппин олус астына саныыбын.

Ол кэнниттэн Идэлээх сойуустар дьиэлэригэр Киинэ отделыгар ыҥыран ылаллар. Саҥа үлэлэнним — соругум “киинэ устууну таптааччылар хамсааһыннарын өрөспүүбүлүкэҕэ сайыннарыы” диэн. Ити кэмҥэ маҕаһыыннарга кинокамералар атыыланар буолбуттара “Кварц”, “Киев”, “Красногорск”, дьон атыылаһан киинэ устар буолбута.

Эмиэ оро­йуоннарынан айаннаабытым — киинэ куруһуоктарын арыйа, дьону үөрэтэ, туох да диэбит иһин, Сэбиэскэй былаас дьон иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарын туһугар элбэх сыратын барыыра. Ити кэмҥэ куоракка эмиэ улахан куруһуок арыллыбыта. Аны университекка ыҥырдылар, «факультет общественных профессий» диэн баара, онно “кинодело” диэн үөрэҕи устудьуоннарга биэрэр ­буоллум.

“Сэргэлээх” диэн киностудия тэрийбиппит. Ити кэмҥэ балтараа чаас усталаах “Мой университет” диэн улахан киинэни устубуппут. Кэнники ол үлэбин көрдүү сатаабытым да, булбатаҕым, мэлийбит этэ. Олуһун кыһыйабын, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй, билигин ол кэмнээҕи устуулары көрөр.

Улахан суруйааччы оҕото, суруйааччы

Ити үлэм кэнниттэн өр кэмҥэ аҕабынаан үлэлээбиппит. Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойу, Чөркөөх, Суотту мусуойдарын көрбүтүҥ буолуо? Ити мусуойдары оҥорууга элбэх сырам бараммыта, эмиэ дойдуну биир гына тилэри сүүрэн, араас балаҕаннары, таҥара дьиэлэрин, миэлиҥсэлэри, бабаарыналары көһөртөөн, сахалар устуоруйаларын үйэтитии үлэтин ыыппыппыт.

Ити сылдьан суруйарбын тохтоппоппун, хоһоон суруйабын, сахалыы, нууччалыы. Ити сылдьан, аны “Умнумаҥ миигин, умнумаҥ” диэн аат­таах сахалыы пьеса суруйдум. Кыбыстабын, долгуйабын, эрдэ суруйбатах жанрым буоллаҕа.

Дьоҥҥо көрдөрүөм иннинэ аҕабар көрдөрөргө сананным. Оччолорго Суорун Омоллоон улахан драматург буоллаҕа дии. Испэр, “ээх” диэтэҕинэ, салгыы суруйабын, “мөлтөх” диэтэҕинэ, тохтуубун” диэн быһаарынным. Киһим ылан аахта уонна “Даа… чэ, син “ньучубуо” эбит, суруй!” диэн уураахтаата.

Ити киниттэн улахан хайҕабыл курдук этэ, онон санаам улаханнык көтөҕүллэн, пьесабын туруорта­раары, Саха тыйаатырыгар илдьэн биэрдим. Ону баара, ити кэмҥэ Дмитрий Кононович уонна Андрей Саввич айар мөккүөрдэрэ саамай үгэннээн сылдьар кэмигэр түбэспит эбиппин. Аҕам “былыргы оскуола” бэрэстэбиитэлэ, Андрей Борисов аныгы режиссер, көрүүлэрэ сөп түбэспэтэ сэрэйиллэр буоллаҕа.

Сүрүн ты­­йаатырга анньыһар сатаммат курдук буолан хаалла. Онон ити пьесабын доҕорбор, Майа тыйаатырын режиссеругар Аркадий Новиковка илдьэн көрдөрдүм. Киһим олуһун астыммыта, туруоруох буолан ылбыта эрээри, бүтэр уһугар ити айымньым хойутуу атын норуот тыйаатырыгар турбута.

Ити курдук, улахан суруйааччы оҕото суру­йааччы буоларыгар улахан эп­­пиэтинэс да баар, наар тэҥнэбилгэ сылдьыы да баар. Ол да буоллар, суруйар санаам кэхтибэтэҕэ, Андрей Саввич ханна эрэ бара сылдьар кэмигэр Степан Сивцеви кытта “Аһаҕас аан” диэн саҥа суруйбут комедиябын туруорбуппут, Саха тыйаатыр сыанатыгар.

Кэнники Саха тыйаатырыгар өссө икки айымньым турбута. Көрбүтүҥ буолуо, Сергей Потапов “Мэҥэ халлаан оҕото Манчаары Баһылай” уонна “Ааттаах бэйиэт Арбыыта” туруорууларын? Бииригэр Рома Дорофеев оонньообута (бастаан көрөн баран, соһуйа, мыына санаабытым эрээри, Сэргэй толкуйун өйдөөн, сөхпүтүм), иккиһигэр Валентин Макаарап олус табыллан оонньообута.

Эмиэ киинэ!

Киинэҕэ 60-с сыллартан үлэлээн кэллим, сценарий да суруйбутум, режиссер да быһыытынан үлэлээбитим. Оннооҕор артыыс буолан турардаахпын, Сергей Потапов “Дойду” диэн дириҥ ис хоһоон­ноох кылгас киинэтигэр. Баар киинэбин барытын ырыттахха, хаһыат сирэйэ тиийиэ суоҕа, биири сиһилии кэпсиим.

“Снайпер саха” көрбүтүҥ буолуо? Саха буойуттара снайпер быһыытынан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыттарын туһунан киинэ устар туһунан санаа өссө сэбиэскэй кэмҥэ баара. Аҕам Суорун Омоллоон кытта сценарий суруйа сылдьыбыта, ол рукопиһын кэнники көрдөөн көрбүтүм да, булбатаҕым. Билиэҥҥэ түбэспит саха саллаатын туһунан этэ, күрээн баран биир дьахтарга саһар, кэлин снайпер буолар, олох атын сюжет.

Ити киинэни устаары Алексей Щербаков диэн “Мосфильм” режиссера кэлэ сылдьыбыта. Дмитрий Кононовичтыын син өр үлэлээбиттэрэ эрээри, уопсай тыл булбакка, бырайыактара тохтоон хаалбыта. Ону аҕам ыҥыран ылан, “Айсен, эн сцена­риска үөрэммит киһи буоллаҕыҥ дии, ити киһилиин үлэлээ, сатаннаҕына, саха снайперын туһунан киинэ тахсыа этэ буоллаҕа!” диэтэ. Онон аны мин үлэлэһэн бардым, хаттаан атын сэһэннээх сценарий оҥордубут, хас даҕаны варианы сыымайдаатыбыт.

Ити кэмҥэ уларыта тутуу саҕаланан, дойдубут күөрэ-лаҥкы баран, киинэбит үлэтэ тохтоон хаалар. Онтон сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ “үчүгэй бырайыак хаалан хаалбатын” диэн бу идеябын илдьэ Никита Аржаковка тиийбитим. Ити курдук, өр сыллар тухары үлэлэспит сценарийым “Снайпер саха” киинэ буолан тахсыбыта. Түмүгэр Монте-Карло куоракка Монако норуоттар икки ардыларыгар ыытыллар киинэ бэсти­бээлигэр Аржаков бастыҥ режиссер аатын сүкпүтэ.

Барыта холбоон, араас кэмнэргэ сүүрбэччэ документальнай уонна уус-уран киинэ суруйбутум, туруорбутум. Аны уус-уран киинэни бэйэм суруйан, туруоран, устан түмүктээбитим, бу аҕыйах сыллааҕыта. Сахалыы, “Хара дьай хонноҕор” диэн. Ян Готовцев диэн сыыркаҕа үлэлээбит артыыһы сүрүн ­оруолга ылбытым.

Арыгыттан сылтаан олоҕо алдьаммыт киһи туһунан, оҕотун куһаҕан хампаанньаттан куоттараары, алҕас киһини быһахтаан өлөрөн кэбиһэр. Ыарахан ис хоһоонноох драма. Түмүктээбиппэр, “киинэҥ авторскай эбит, Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлигэр көрдөрүөхпүт” диэн буолбута. Онтон, киһи кыһыйыах, ити бэстибээллэрэ икки сыл субуруччу буолбата. Онон көҥүл быракаакка таһаарарым дуу, дии саныы сылдьабын.

Саханы саха дэтэр туһугар

Өр сыллар тухары сахалыы да, нууччалыы да син элбэҕи айан, суруйан кэллим. Ол да буоллар, “кырыйдым, түксүлээтим” диир санаам суох. Урут дьон 50 саастарын ааспыттарын кэнниттэн “оҕонньор” аатырар этилэр. Оттон 80 саас диэн, букатын олоҕун мо­­ҥообут киһи буоллаҕа дии. Ол эрэн, айар күүс баар, өйбөр элбэх саҥа толкуй баар. Холобур, ити эппит кэнники киинэм муусукатын бэйэм айбытым. Онон, билигин холкутук олорон, аны муусука айыытынан дьарыктанарым дуу диэн санаа эмиэ баар.

Саха итэҕэлин сайыннарыыга эмиэ үлэлэһэр санаалаахпын. Сахалыы операны уонна балеты холбоон, улахан саҥа ураты айымньыны оҥорбут киһи диэн санаа эмиэ баар. Дьиҥэр, сахалар ол бу “Кармен”, “Турандот” оннугар бэйэбит норуоппут култууратыгар олоҕуран саҥаны айбыппыт, ту­­руорбуппут оруннаах буолуо этэ. Ити курдук, айар үлэбин түмүктээтим диир санаам суох, өссө даҕаны саҥаны, үчүгэйи оҥорон таһаарбыт киһи!

«Саха сирэ» хаһыат, 2021 сыл.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: