Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Share

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  —  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах эмчиттэр, аар-саарга аатырбыт туоһунан иистэнээччилэр түөлбэлээн олорор ытык-мааны сирдэригэр суруйааччы СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Сергей Васильев-Борогонскай аатынан бэлиэ хаһаайката Акулина Михайловна Иванова-Хотойук Айгыына күн сирин көрбүтэ.

Филолог идэлээх Акулина Михайловна суруйар дьоҕурдаах буолан, суруналыыс быһыытынан ыстатыйалара “Киин куорат”, «Саха сирэ”, ”Мүрү саһарҕата” хаһыаттарга, «Үйэ» сурунаалга бэчээттэннилэр. Кини ”Уйулҕа хочото» литературнай батсаап-бөлөх салайааччыта.

Хотойук Айгыына уруһуйдуурун, хаартыскаҕа түһэрэрин, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр. «Табаҕа тумуһа”, “Дьокуускай-Нерюнгри-»Чульман»  маршруттарынан  уунан устууга сылдьыбыта.

Акулина Михайловна саха тылын сайыннарыыга араас өрүттээх үлэни ыытар. Элбэх улуустарга: Кэбээйигэ, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Майаҕа, Уус Алдаҥҥа оскуолаларга, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан көрсүһүүлэри тэрийдэ, суруйбут кинигэлэрин бэлэхтээтэ. ”Истиҥ иэйии”, ”Арыт түүлбэр, арыт сүрэхпэр”, ”Тэпсиллибит сибэкки” кинигэлэрин сэҥээрэллэр.
Кини билигин инники былаана киэҥ. “Кэм кэллэ” диэн хомуурунньук бэлэмнии сылдьар. ”Ураты дьылҕалаах ийэлэр” кэпсээнэ — тэттик кэпсээннэри суруйуу күрэһин кыайыылааҕа. 2018 сыллаахха Төҥүлүгэ оҕолорго, төрөппүттэргэ, уһуйааччыларга анаан ыытыллыбыт “Күн оҕото” пуорум кыттыылааҕа. П. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт Уус Алдан улууһугар уус-уран ааҕыыга, өрөспүүбүлүкэтээҕи Апросимовскай ааҕыыга уонна норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылынан куонкурустар дьүүллүүр сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ.
Ону таһынан араас бэстибээллэр, куонкурустар түмүктэринэн Махтал суруктарынан, димломунан, 2024 сыллаахха Бороҕоҥҥо “Улуус кыраайы үөрэтээччитэ” бэлиэнэн наҕараадаланна.

Акулина Михайловна-Хотойук Айгыына, айар, суруйар талааныҥ өссө арыллан үктэлтэн үктэлгэ, үрдэлтэн үрдэлгэ тахсан истин, айымньыларгынан дьону-сэргэни, оҕону-урууну үөрдэ сырыт диэн баҕа санаабын, алгыспын тириэрдэбин.

Өбүгэлэрин туһунан суруйбут “Улуу удьуорум” хоһоонуттан:
«Уһугуннум улуу күммэр
Улугурбат буолар санаабар,
Уутуйар уйгубар,
Улуу айаммар.
Уһугуннум омуннаах үйэҕэ,
Умнуллубат үйэни салҕаары,
Улгум дьонун сэргэхситээри,
Улуу арыйыылары,
Уостубаттык кэккэлэтээри…
Устар ууну сомоҕолуур тылбар,
Улуу омугум тыыныгар,
Унаар буруолаах аартыгар,
Улуу дойду тоҕойунан…
Умсугутар улдьаҕай
Сааспыттан,
Уһун дириҥ тыллары,
Урукку,билиҥҥи кэмнэргэ
Уус тылынан уурталыыбын.
Уран баай сахам тылыгар,
Улаҕалаах үйэ өйдөрүн
Сөҕөммүн,
Уустаан-ураннаан эппиттэрин,
Уурбут-туппут курдук бичийдим…».

Галина БОРИСОВА-ТОЛБООНО

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

2 часа ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

3 часа ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

6 часов ago