Суруйааччы Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах түмэл аһылынна

Share

Ахсынньы 12 күнүгэр  Майатааҕы киин бибилэтиэкэ биллиилээх суруйааччы, поэт Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта» диэн түһүлгэни тэрийдэ. Мэҥэ Хаҥаласка  2023 сылга суруйааччы И.М. Сосиҥҥа анаммыт сыл биллэриллибитэ, ол чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллыбыта.

Хаартыска: И.Осипов тиксэриитэ

Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах кыракый түмэл аһыллыыта наһаа истиҥник, үчүгэйдик тэриллэн ыытылынна. Араас улуустартан кэлбит ыалдьыттар бэртээхэй ахтыылары оҥордулар, аны 100 сылын көрсө туох үлэ ыытыллыан сөбүн туһунан санааларын үллэһиннилэр. 100 сылыгар кини туһунан улахан кинигэ бэчээттэнэн тахсыаҕа.

Иннокентий Михайлович кыргыттара, киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ сылдьыбыт дьоҥҥо барыларыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттаран, ыҥырыылаах ыалдьыттары баай астаах остуолларвгар чэйдэтэн үөртүлэр. Салгыы литературнай биэчэр култуура дыбарыаһыгар өрө күүрүүлээхтик буолан ааста.

Ыспыраапка

Суруйааччы, поэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруналыыстарын Сойууһун, РФ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан улуустарын, Майа сэлиэнньэтин, Моорук, Тараҕай, Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, РФ «Култуураҕа ситиһиилэрин иһин» бэлиэ хаһаайына Иннокентий Сосин Мэҥэ-Хаҥалас Мооругар 1928 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Эрбэһэр алааска ааспыта. Соҕотох оҕо буолан, кини бэйэтэ маһынан оонньуур оҥостон: мас атынан, ытынан, мас ынахтарынан оонньуур эбит.

1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ. Үрдүкү партийнай оскуола ЦК КПСС суруналыыстыка салаатыгар үөрэммит. Холкуоска ынах үүрээччинэн, сэкирэтээринэн, саха тылын уонна  литературатын учууталынан, хаһыат эрэдээктэринэн, методиһынан үлэлээбит.
Бастакы кинигэтэ «Айаннаан иһэн» 1959 сыллаахха тахсыбыт. Айар үлэтин ырыаһыт поэт быһыытынан саҕалаабыт эбит. Хоһоонноро билигин ырыа буолан ыллана сылдьаллар. 60-тан тахса хоһоонугар ырыа матыыба суруллубут эбит, холобур, «Биригэдьиир Марыына», «Тус хоту», «Мэттэкэ-тэттэкэ Миитэрэй». 60-ча хоһоонугар ырыа айыллыбыта. Кини өссө кыраайы үөрэтээччи буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

5 часов ago