Суруйааччы Константин Эверстов айар киэһэтэ буолла
Кулун тутар 30 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Арассыыйа уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Константин Эверстов айар киэһэтэ буолла. Бу көрсүһүү ааптар үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн ааста.
Тэрээһиҥҥэ норуодунай суруйааччылар, билим үлэһиттэрэ, Кэбээйи улууһун салалтата, ону тэҥэ суруйааччы үөлээннээхтэрэ, бииргэ үөрэммит доҕотторо уонна «Номох буолбут Ньукулай» документальнай кинигэ дьоруойун кыыһа кыттыыны ыллылар.
Дьоро киэһэни Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Бочонина Валентина Ивановна олус истиҥник, сэргэхтик иилээн-саҕалаан ыытта. Константин Семенович оҕо сааһыттан, устудьуоннаабыт кэмиттэн көрдөөх кэпсээннэр тэрээһини ураты истиҥ тыыннаатылар.
Тыл этээччилэр – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай поэт Наталья Ивановна Харлампьева, норуодунай суруйааччы Семен Андреевич Попов-Тумат, тыл билимин дуоктара, профессор Варвара Борисовна Окорокова даҕаны, айымньыларын аахпыт ыалдьыттар даҕаны Константин Эверстов ураты буочарын, тиэмэтэ киэҥин, ааҕааччыга тиийимтиэтин бэлиэтээтилэр. Ону таһынан, прозаик олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарын, үгүс айымньыны бэчээккэ бэлэмнээн олорорун сөҕө-махтайа, тоһоҕолоон эттилэр.
Константин Семенович Эверстовы кытта ыкса үлэлэһэр Семен Андреевич Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһа суруйааччыны «Национальнай кинигэни таһаарыыга кылаатын иһин» диэн бэйэтин бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадалата.
Ааҕааччы Константин Эверстов айымньыларын долгуйа күүтэр, сөбүлээн ааҕар. Суруйааччыга онтон үрдүк туох билиниитэ баар буолуой?
Ольга Янцен.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: