Салгыы
Намылы саҥа кинигэтин дьоруойун кытта дьоро көрсүһүүтэ

Намылы саҥа кинигэтин дьоруойун кытта дьоро көрсүһүүтэ

27.10.2023, 10:00
Бөлөххө киир:

Кыраайы үөрэтэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ  быйылгыттан «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» бырайыак үлэлиир.

Ааптары кытта атах тэпсэн олорон кини кинигэтин ырытыы — ааҕааччылар олус сөбүлүүр тэрээһиннэрэ. Быйылгы бырайыак  үһүс тэрээһинэ СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Надежда Егорова-Намылы  соторутааҕыта күн сирин көрбүт «Дьол хараҕа суох» сэһэнигэр ананна.  Бу дьиҥ олоххо тирэҕирэн суруллубут айымньыны ааҕааччылар социальнай хайысхалаах диэн  бэлиэтээтилэр.  Кинигэ ис хоһоонун ырытыытын «Айар» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, суруйааччы, суруналыыс  Евдокия ИринцееваОгдо саҕалаата.

Евдокия Семеновна сэһэн иитэр-үөрэтэр суолтата үрдүгүн, киһи уйулҕатын тургутарын, анаарар кыаҕы үөскэтэрин  бэлиэтээтэ.   Кини «улаатан эрэр оҕолордоох төрөппүттэргэ, сиэннэрин иитиһэн көмөлөһөр эбээлэргэ уонна эһээлэргэ улахан «ас» быраҕан биэрэр сэһэн» диэн сыанабылы биэрдэ.

Надежда Егорова тоҕус оҕолоох иллээх  дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт, улааппыт дьоллоох киһи. Бу  Сунтаар Кутанатын элбэх оҕолоох ыалыттан түөрт суруйааччы, суруналыыс тахсыбыта — айар куттаах ураты дьиэ кэргэн буоларын холобура. Надежда Парфеньевна бииргэ төрөөбүт эдьиийэ суруйааччы, суруналыыс Галина Нельбисова уонна убайа эмиэ суруйааччы уонна суруналыыс Валерьян Николаев суруйааччы балтыларын туһунан бэрт иһирэхтик кэпсээтилэр.

Кинилэр ааҕааччыга тиийэр алгыстаах кинигэни суруйуу улахан үлэттэн тахсарын бэлиэтээтилэр уонна «биһиги, суруйааччылар, айымньыларбытын ааҕааччыларбыт күүтэн ааҕалларын тухары айар уххаҥҥа куустаран сылдьыахпыт», диэн эттилэр.

Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Николаев  «уобараһы сатаан арыйыы — суруйааччы айар үлэтин чыпчаала» диэн этэн туран, Намылы киһини толкуйдатар тиэмэни киэҥник арыйан суруйбутун бэлиэтээтэ.

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ каадыр бэлиитикэтигэр дириэктэри солбуйааччы Михаил Федоров сэһэн саҕаланыытыгар устудьуон Эркин Эверстов «күн сырдыгын көрбөккө хараҥаҕа балайдатыы алдьархайын икки чаас иһигэр толору билбитин» санатан туран, устудьуоннары инбэлииттэр усулуобуйаларыгар киллэрэн, итинник аахсыйаны тэрийэллэрин кэпсээтэ. «Ити тэрэһин кэнниттэн эдэр дьон олоххо сыһыаннара 180 кыраадыс уларыйар, маҥкыларыгар оҕустараллар» диэн санаатын үллэһиннэ. Надежда Егорова-Намылы ким да суруйа илик социальнай тиэмэтигэр таба тайаммытын бэлиэтээтэ.

Салгыы тылы Намылы доҕотторо ыллылар. Суруйааччылар диэх курдук, кинигэ ис хоһоонун, уратытын, тылын-өһүн киһи истэ олоруох, дууһатыгар киирэр гына ырыттылар уонна ааптарга Надежда Егороваҕа-Намылыга баҕа санааларын тиэртилэр. Ол курдук, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан уонна суруйааччы Оксана Гаврильева-Айсаана кинигэ ис хоһоонун олус бэркэ арыйдылар:

Суруйааччы, суруналыыс Айталина Никифорова сериаллары оҥорууга сценарист наадатын ыйан туран, бу сонун көрүҥҥэ Надежда Егорова-Намылы анаан ылсарыгар сүбэлээтэ:

Прозаик-суруйааччы Раиса Сибирякова-Аайа, хоһоонньут Галина Борисова-Толбооно, суруйааччы Иван Михайлович Попов-Уһук Уйбаан  иһирэх тыллары эппиттэрэ, кэллиэгэлэригэр Надежда Парфеньевнаҕа баҕа санаа бастыҥын тиэрпиттэрэ олус да истиҥник  иһилиннэ:

Айар куттаах Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытааҕы Егор Неймохов аатынан түмэл салайааччыта Мария Неймохова суруйааччы атын киһиттэн уратытын бэрт бэргэнник этэн кэбистэ:

Бэйиэт Антонина Ускеева «Дьол хараҕа суох» сэһэни бүгүҥҥү оскуола олоҕун кытта ыкса сибээстээтэ:

Суруйааччы Намылыттан суруналыыс Надежда Егорова туох атыннааҕын «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова тэрээһин кыттыылаахтарыгар быһааран биэрбитин олус сэргии иһиттибит.

«Дьол хараҕа суох сэһэни» ырытар тэрээһин кыттыылаахтара бары да Намылыга этиллэр үтүө баҕа санаа тылларын долгунугар уйдаран, олох ураты турукка киирэн олордохпутуна, айар киэһэни ыытааччы Екатерина Попова киһини соһутар түгэни бэлэх уунна. Кини  ааҕааччылар ортолоругар олорор  сэһэн дьоруойа Панкратий  Александров прототибын таһааран: «Аны билигин билсэн кэбиһиҥ — бүгүҥҥү айар киэһэбит сүрүн дьоруойа, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ, педагогика наукатын хандьыдаата Пантелеймон Романов!» диэтин кытта, дохсун ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ. Пантелеймон Егорович сэһэн ааптарыгар Намылыга сибэкки дьөрбөтүн уунна уонна В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ ураты кинигэни бэлэхтээтэ.

Бу — Надежда Егорова-Намылы  «Дьол хараҕа суох» сэһэнин  Брайль ньыматынан харахтарынан куһаҕаннык көрөр дьоҥҥо анаан суруллубут кинигэ эбит!

«Дьол хараҕа суох» кинигэ дьоруойун прототиба Пантелеймон Егоров бэрт мындыр толкуйдаах, дириҥ билиилээх учуонай буоларын таһынан, бэртээхэй баянист, ырыаһыт эбит. Кини баяҥҥа доҕуһуолунан дьоро киэһэ түмүктэннэ. Ааҕааччылар Надежда Егороваттан-Намылыттан автограф ылар түбүгэр түстүлэр. «Айар» кинигэ кыһата көрсүһүүгэ кинигэлэрин быыстапка-дьаарбаҥкаҕа атыылаан, ааҕааччылар Намылы саҥа сэһэнин атыылаһан ылан, тута автограф ыллылар. Онон маннык быыстапка ыытыллара икки өттүттэн олус туһалаах эбит.

Ол кэмҥэ мин «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» бырайыакка кытта кэлбит ааҕааччылары кытта кэпсэттим. Ыраах Тымныы полюһуттан  Өймөкөөнтөн сылдьар Тамара Винокурова бэйэтин санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Хоһоонньут Николай Пахомов Намылы кинигэлэрин анаан эккирэтэн булан ааҕар ааҕааччы эбит. Дьоро киэһэ туһунан ааҕааччы кини  бу курдук санаатын үллэстэр:

Тэрээһин бүттэ. Дьон тарҕаста. Дьоро киэһэ туһунан «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» бырайыак ааптара Екатерина Поповаттан  санаатын үллэстэригэр көрдөстүм:

… Ити курдук, кыраайы үөрэтэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ суруйааччы, суруналыыс Надежда Егорова-Намылы «Дьол хараҕа суох» кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта аҕыйах хоноотун эрэ кытта, буруолуу сылдьар саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ, ырытыыта бэрт иһирэхтик, истиҥник буолан ааста. Дьон саалаҕа толору мустубута — кинигэ ааҕааччытын булбутун туоһута.

Оттон биһиги, «Саха сирэ» хаһыат айар кэлэктиибэ, кэллиэгэбитин Надежда Парфеньевнаны өссө биир ааҕааччы кутун туппут кинигэҥ сүрэхтэниитинэн эҕэрдэлиибит.

Айар бөрүөҥ сыппаабатын! Өрүү бүгүҥҥүҥ курдук чох хара кыраҕы хараххынан олох лоскуйдарын таба бэлиэтии көрө сылдьан, дууһаҕар иҥэрэн, ааҕааччыларгар бииртэн биир кэрэхсэбиллээх кэпсээни, сэһэни бэлэхтии сырыт диэн баҕа санаабытын этэбит!

+1
11
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: