Суруйааччы Ородьумаан Ийэ күнүгэр нэһилиэгэр бэлэх оҥордо
Суруйааччы Родион Данилов-Ородьумаан уус талааннааҕын билбэт киһи өрөспүүбүлүкэҕэ, бука, тарбахха баттанара буолуо. Ийэ күнүгэр нэһилиэгэр өссө биир бэлэҕи уунна.
— Мин төрөөбүт сирим — Даппарай (Өлүөхүмэ улууһа). Төһө даҕаны Кыыллаах Арыыга оскуолаҕа үөрэммиппит иһин, оҕо сааһым Даппарайга ааспыта. Сүүрбэччэ эрэ ыаллаах Даппарай билигин улаатта. Таас саҥа оскуола дьэндэйэн, уопсай дьиэлэр тутуллан Кыыллаах Арыыттан үксүбүт көһөн таҕыста. Саха сирин оччотооҕу бэрэсидьиэнэ Е.А.Борисов Кыыллааҕы уу ылара бэрдиттэн, үрдүк сиргэ көһөрбүтүгэр махталым улахан. Киһи үтүөтэ умнуллубат.
Көһүү саамай саҕаланыаҕыттан үлэлээбит баһылыкпыт А.И.Сильвестрова буолар. Үлэ саамай эппиэтинэстээх, күөстүү оргуйар кэмигэр баһылыктаан ааспыта. Кини кэнниттэн баһылык Р.Е.Лавернова бэйэтэ эмиэ ис иһиттэн актыыбынай буолан, кулууппут суоҕун иһин Түмсүү дьиэтин туттарбыта. Кыыллаах Арыыга тыын боппуруоска турар, сопхуос ыһыллыытын саҕана үрэллэн өр кэмҥэ кыайтарбатах күрүөнү туттарбыта. Даппарайга кыстаан баран, Кыыллаах Арыыга сайын оттуу киирдэхпитинэ, сүөһү-сылгы оттуур сирбитин тэпсэн кэбиспит буолар. Ол иһин быыс, күрүө оҥорон абыраатылар. Ол курдук, бииртэн-биир үтүө баһылыктар күөрэйэн, А.Г.Макаров эмиэ нэһилиэккэ олус наадалаах АЗС туттарда. Киниэхэ өссө да барыта иннигэр.
Даппарайбар эмиэ тугу эмэ туһалыах, тупсарыах санаа киирэн, түөрт аартык үрдүгэр дьон сынньанан өрүһү көрөрүгэр тимиринэн иһэрдэн, маһынан мандардаан ыскамыайкалары оҥорбутум. Сорох дьон, баҕар, харчыга оҥорор дииллэрэ буолуо да, барытын босхо бэлэх уунабын. Арай, ити “Ийэ сүрэҕэ” арт-эбийиэги бэйэлэрэ үбүлээтилэр. Тустаах бырайыагы Раиса Еремеевна тэрийдэ. Хамнастаах баһылык үлэтиттэн уурайдар даҕаны, уопсастыбанньык быһыытынан эмиэ үлэлиир.
Даппарай кытылын үрдүгэр оҕо оонньуур былаһаакката баар. Арт-эбийиэги онно “Тапталлаахтар искибиэрдэрин” аттыгар туруордубут. Атын эбийиэктэр күрүөлээх турар эбит буоллахтарына, биһиэнэ — аһаҕас сиргэ. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Д.В.Чердонов кэлин эбии үлэ барыаҕа, күрүөлэниэҕэ диэн санаабытын көтөхтө. Күрүөлэннэҕинэ-хаһааланнаҕына салгыы тугу эмэ толкуйданыллыа, — диэн Родион Данилов санаатын үллэстэр.
Ити курдук, даппарайдар сыллата олорор сэлиэнньэлэрин көстүүтүн тупсара, киэргэтэ тураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: