Суруйааччы Родион Данилов-Ородьумаан сыл бэлиэтин луону оҥордо
Суруйааччы Родион Данилов-Ородьумаан 1990-с сыллар саҥаларыттан сыл ахсын сыл бэлиэтин эрэ буолбакка, хаартан, балбаахтан, мастан араас оҥоһуктары оҥорон биир дойдулаахтарын үөрдэр. Быйыл даҕаны ити үгэһин салҕаата.
«Быйыл хайаан даҕаны тугу эрэ айан таһаарыахтаах”, — диэн дьон сэмээр кэтэһэр. Аҕыйах хонуктааҕыта туоһулаһарбар “бүтэ илик, биллиэм” диэбитэ. Бэҕэһээ дьэ, оҥоһуктарын хаартыскаларын ыыталаата – барбах иккиэлэр.
“Үүнэн эрэр 2024 сыл сахаларга Айыыһыт сыла эбит. Ол да буоллар илиҥҥи халандаарынан сыл бэлиэлэрин ыты, сибиинньэни, баабыры, аты оҥортообутум. Луоҕа ылса иликпин диэн быйыл хаарынан оҥордум. Онтум төбөтө син майгынныыр эрээри, хаартыскаҕа барытын хаптаран түһэрдэххэ харахадьыылга майгынныыр курдук. Устаты буолбакка, хаары туруору соҕус дьааһыкка кутан, тоҥорбокко диэн кэлин саныыбын. Оччоҕо эриллэн тахсыбыт луо буолуо этэ. Быйыл хаар да аҕыйах, итиччэ оҥоһуллубутугар махтал курдук. Ол оннугар, балбааҕынан таптайбытым син луоларыгар майгынныыр.
Кэлэр Айыыһыт сыла Сахам сирин олохтоохторун арчылаатын, ыарыы ыалласпакка ырааҕынан ыырданнын, тумуу тумуннун. Буойуттарбытын харыстаан, улахан үөрүүлээх бырааһынньык курдук ылыммакка бары уоту аһатан, Үрдүк Айыылартан көрдөһөн алҕаан туран атаарыахпыт. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Уруй-айхал буолуохтун!”, — диэн санаатын үллэстэр, эҕэрдэтин тириэрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: