Суруйааччы Уйулҕан саҥа килиибэ Дьөһөгөй сылыгар ананна (видео)
Суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан Дьөһөгөй сылынан «Туоһахта уонна Лэкиэс» уус-уран айымньытыгар килиип устан бар дьонугар бэлэх уунна.
Уйулҕан бэйэтин тыллара, онтон матыыба — Роман Степанов, аранжировката Алексей Батюшкин, ырыаны Константин Степанов толорор. Тим Третьяков устубут килиибэр Мэҥэ Хаҥалас Матта нэһилиэгин дьоно кыттыыны ылбыттар.Килиип Саҥа дьыл күн тахсаатын кытта номнуо элбэх киһи көрө охсон, үгүс киһи сэргээбитин, биһирэбилин, махталын биллэрдэ.
«Уйулҕан, ааспыт сылга эн дьоһун уонна олус суолталаах историческай арамааны суруйдуҥ — бу улахан үлэ уонна ситиһии. Эйиэхэ уонна эн чугас дьоҥҥор үүммүт сыл үтүөнү эрэ түстээтин, кэрэни эрэ кэккэлэттин, туһалааҕы эрэ туһаайдын, сырдыгы эрэ сыдьаайдын, элбэх үөрүүнү бэлэхтээтин! Айар үлэҕэр ситиһиилэри, дьонуҥ-сэргэҥ махталын ыла тураргар уонна кытаанах доруобуйаны, дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабын!»
Август Егоров
«Олус бэрт историческай тыыннаах киинэ ырыата тахсыбытынан истиҥ эҕэрдэ. «Лэкиэс уонна Туоһахта» диэн кинигэҕин чиҥэтэн, өссө биир айымньылаах, үйэлэргэ сүппэт, өйдөбүнньүк матырыйаал күн сирин көрбүт. Олус үчүгэй. Дьон-сэргэ сыаналыа, үрдүккэ көтүтүө диэн эрэнэбин. Ырыа мелодията, толоруу, куолас мааны. Бу үүммүт Дьөһөгөй Айыы сылыгар олус үчүгэй бэлэх буолбутунан: хоһоонуҥ ырыа буолбутунан, ырыаҥ ыллана дуорайан килииптэнэн тахсыбытынан өссө төгүл эҕэрдэ. Саҥа үүммүт сылы үгүс ситиһиилэрдээх көрсүбүккүнэн. Мээнэ ылбычча киһи ылсыбат үлэлэрэ. Олус үөрдүм, кэтэспитим ахан. Айымньылаах үлэҕэр үрдүктэн үрдүк үрдэллэри, дьон дууһатын угуттуур саҥаттан саҥа айымньылары баҕарабын. Этэҥҥэ буолууну, үтүөнү».
Зинаида Нератова-Тупсууна, Нам
«Килииби көрөн баран, чахчы дьон биһирэбилин ылыыһы диэн үөрдүбүт. Олус табыллыбыт, дьон ырыа ис хоһоонун сөбүлээбиттэр уонна килиип эпизодтарын тэринэн туран уһулбуттар диэн хайҕаатылар. Онон, устуоруйаҕа киллэрбиккэр эйиэхэ махталбытын тириэрдэбит. Олорон ааспыт дьоммутун үйэтитэр үлэҕэр өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.
Мин санаабар, киһи дууһатын таарыйар килиип буолбут. Манна аныгы олох буолбакка, былыргы олох көстөрө саастаах дьон уйулҕатын өссө күүскэ хамсатыа дии саныыбын. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана бары да маннык дьылҕалаах олордохторо. Онон үрдүк сыанабылы ылар килиип буолбут дии санаатым.
Мин биир бэйэм сылгыга оҕо сааспыттан эриллибит буолан, бэйэбэр чугас, бэйэбин Лэкиэс курдук сананабын.
Матталар кэлин өссө да киинэ өттүгэр сайдан баран иһэрбит буоллар. Саҕалааһын баар, сыыйа толкуйдар баар буолуохтара, биһиэхэ талааннаах дьон элбэх. Бу килиип сылгы иитиитин эдэр ыччакка сырдатыы курдук эмиэ буолар. Дугуйдаммыт саха сылгытын аатын бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ биллэрдэ. Онно даҕатан, бу килиип эмиэ төһүү күүс курдук буолар дии саныыбын.
Семен Кычкин, Матта
«Уйулҕан, килиип бэйэтэ кылгас киинэ курдук, киһи көрөн ылынар эбит, аны ырыаҥ ис хоһооно олус долгутуулаах, мэктиэтигэр харах уулаах көрдүм-иһиттим… Аҕабын санаан ыллым… Махтал».
Уйгууна. Таатта Ытык Күөл.
«Сэрии дьэ, бүтүүһү! Мобилизацияттан эргийбит уолаттарбытыгар анаммыт курдук ылынным. Хапсыһыы толоонуттан уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэллэригэр анаммыт ырыа-хоһоон курдук көрдүм… Ырыаны толорор уол куолаһа дьикти, мааны.
Бэҕэһээ, бүгүн хос-хос истэн, бу күннэргэ ити ырыанан эрэ олордубут… Доҕуһуола астык, онно эбии хос өссө хор ыллаһар курдук.. Көмөлөөн дьикти айымньыны үөскэппиккит! Мохсоҕоллор!
Терентий Андросов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: