Суруйааччы Уйулҕан үөрэммит кыһатыгар ыалдьыттаата
Учуутал, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан ыам ыйын 18 күнүгэр Илья Егорович Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ ыалдьыттаата.
Ол туһунан Василий Гоголев-Уйулҕан маннык кэпсээтэ:
“Учуутал идэтигэр уһуйуллубут, үөрэммит кыһабыт Намнааҕы педагогическай кэллиэс 60 сыллаах үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн көлүөнэлэр көрсүһүүлэригэр, быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар сөп түбэһиннэрэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ, учуутал идэтин талбыт устудьуоннары кытары көрсүһүүгэ ыҥырыллан, ыалдьыттаан кэллим.
Учуутал идэтэ олус уустук уонна улахан тулууру, сыраны-сылбаны эрэйэрин, ол гынан баран, олус наадалааҕын туһунан уонна бэйэм күннэтэ көрсөр түбүктээх үлэбин сырдаттым. Учуутал идэтин билиилээх, хорсун ыччаттар талалларын, билиҥҥи кэмҥэ арҕаа дойдулар бөрүкүтэ суох сабыдыалларын, онно ускуустуба кэрэ эйгэтигэр үүнэр көлүөнэни уһуйуу улахан суолталааҕын, учуутал идэтэ олус эппиэттээҕин туһунан билиһиннэрдим.
Ону сэргэ, учуутал уустук идэтин таһынан бэйэм айар үлэм туһунан сырдаттым. Хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарыахтаах диэн сүбэбин-амабын тириэртим. Уус-уран литератураҕа айымньыларбын, уус уран киинэм, килииптэрим туһунан кэпсээтим, улахан экраҥҥа көрдөрдүм. Ону сэргэ, төрөөбүт дойдуга тапталы, бэриниилээх буолары көрсүһүүм түмүгэр тускулаатым.
Онон, икки чаастан ордук ирэ-хоро сэһэргэһэн, сорукпун ситтим. Эдэр устудьуон оҕолор көрөн-истэн, талбыт идэлэригэр тугу эрэ эбиммиттэрэ буолуо диэн сырдык санаалаах кэллим. Түмүккэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: