Суруйааччы Уйулҕан үөрэммит кыһатыгар ыалдьыттаата

Share

Учуутал, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан ыам ыйын 18 күнүгэр  Илья Егорович Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай  кэллиэскэ ыалдьыттаата.

Ол туһунан Василий Гоголев-Уйулҕан маннык кэпсээтэ:

“Учуутал идэтигэр уһуйуллубут, үөрэммит кыһабыт Намнааҕы педагогическай кэллиэс  60 сыллаах үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн  көлүөнэлэр көрсүһүүлэригэр,  быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит  Учуутал уонна  уһуйааччы сылыгар сөп түбэһиннэрэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ,   учуутал идэтин талбыт устудьуоннары кытары көрсүһүүгэ ыҥырыллан, ыалдьыттаан кэллим.

Учуутал идэтэ олус уустук уонна улахан тулууру, сыраны-сылбаны эрэйэрин, ол гынан баран,  олус наадалааҕын туһунан уонна  бэйэм күннэтэ көрсөр түбүктээх үлэбин сырдаттым. Учуутал идэтин билиилээх, хорсун ыччаттар талалларын, билиҥҥи кэмҥэ арҕаа дойдулар бөрүкүтэ суох сабыдыалларын, онно ускуустуба  кэрэ эйгэтигэр үүнэр көлүөнэни уһуйуу  улахан суолталааҕын, учуутал идэтэ олус эппиэттээҕин туһунан билиһиннэрдим.

Ону сэргэ,  учуутал уустук идэтин таһынан бэйэм айар үлэм туһунан сырдаттым. Хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарыахтаах диэн сүбэбин-амабын тириэртим. Уус-уран литератураҕа айымньыларбын, уус уран киинэм, килииптэрим туһунан кэпсээтим, улахан экраҥҥа көрдөрдүм.  Ону сэргэ,  төрөөбүт дойдуга тапталы,  бэриниилээх буолары көрсүһүүм түмүгэр тускулаатым.

Онон,  икки чаастан ордук ирэ-хоро сэһэргэһэн, сорукпун ситтим. Эдэр устудьуон оҕолор көрөн-истэн, талбыт идэлэригэр тугу эрэ эбиммиттэрэ буолуо диэн сырдык санаалаах кэллим. Түмүккэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago