Суруйааччы Владимир Федоров Эльбруска таҕыста!
Бу туһунан бэйиэт, драматург, прозаик, суруналыыс, фотограф, геолог Владимир Федоров «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ суруйда. 70 сааһын лаппа ааспыт суруйааччы Арассыыйа, Европа саамай үрдүк чыпчаалын дабайда!
Владимир Федоров — 30 кинигэ ааптара. Кини пьесаларынан 18 испэктээкил туруоруллубута уонна икки киинэ уһуллубута. Бастакы идэтинэн геолог эбит. Кини билигин Москваҕа олорор, ЛИterra» электроннай сурунаалга үлэлиир.
— От ыйын 19 күнүгэр мин ыра санаабын толордум — Эльбруска таҕыстым. «Кавказ Трэвел» хампаанньа гидтэригэр улаханнык махтанабын. Кинилэр дабайыы уустуктарын эрэ буолбакка, бэйэ мөлтөх өрүттэрин кыайарга көмөлөстүлэр. 70 сааһын ааспыт киһиэхэ, биллэн турар, хайаны дабайар чэпчэкитэ суох, ол эрээри, Арассыыйа уонна Европа саамай үрдүк чыпчаалыгар (5642 миэтэрэ) тахсан турарыҥ, хатыламмат, умнуллубат түгэннэр! Уонунан чаас эрэйдэммиккин, хас да нэдиэлэ устата үөрэммиккин умнан кэбиһэҕин. Сынньанан, өйбүн-төйбүн булан баран, сиһилии кэпсиэҕим.
Эльбрус чыпчаалыгар турар хаартыскабытыгар, мин хаҥастан бастакы турабын, — диэн Владимир Николаевич кэпсээтэ.
Арассыыйа Альпинизмын федерациятын бэлиэтэ.
Хайаҕа тахсыыга бэлэмнэнии.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: