Үгүс дьон көрдөһүүтүнэн, Таатта улууһугар үөскээн-төрөөн ааспыт улуу суруйааччыларбыт алаастарынан, Таатта кэрэ-нарын айылҕатынан сатыы хаамыылаах айан бүгүн, от ыйын 21 күнүттэн, саҕаланна.
Дьокуускайтан үс күннээх айаҥҥа туруммут дьон Чөркөөхтөн саҕалаан, Былатыан Ойуунускай киинэ түспүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар, балаҕаныгар, «Көтөрдөр мөккүөрдэрэ», «Ньургун Боотур», «Оҕо куйуурдуу турара» бэлиэ таастарга, улуу убайбыт мунньах ыыппыт сиригэр сылдьыахтара.
Иккис күн Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаннарын көрүөхтэрэ.
Үһүс күннэригэр эмиэ сатыы хааман, Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүт Оккуодай алааһыгар, Куобах Буһарбыт сайылыгар уонна кыстыгар ыалдьыттаан ааһыахтара.
Айанньыттар бу сырыыларын кэмигэр улуу суруйааччылар айымньыларын кэпсэтиэхтэрэ, санааларын үллэстиэхтэрэ, билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ.
Тууру көҕүлээччи, «Айгы ситимэ» түмсүү салайааччыта Александр Протодьяконов маршрут туһунан санааларын билиһиннэрдэ:
— Мавзолейга дуу, атын дойдулар историческай сирдэринэн сылдьыбыттааҕар, бастаан бэйэҥ дойдун ытык сирдэрин, норуотуҥ устуоруйатын, төрүт култууратын, кэрэ айылҕатын билбитин-көрбүтүн быдан туһалаах уонна судургу дии саныыбын. Бэйэҥ норуотуҥ философиятынан (олоҕу көрүүтүнэн, өйүнэн-санаатынан), олоҥхотунан (олоҕун оҥоруутун хоһуйуутунан), култууратынан олоруох тустааҕын буолуо. Оччоҕо эрэ дьиҥ өйдөбүллэргэ тирэнэн, сир дойду иччилэрин кытары ситимнэһэн, өбүгэлэриҥ соруктарын өйдөөн, норуотун тыынын ылынан, толору дьолунан, ийэ кутун иэйиитинэн олорор кыахтанаҕын. Ону сорох аныгы киһи күн бүгүҥҥэ диэри ситэри өйдөөбөккө, күннээҕи эрэ кыһалҕаларынан, күннээҕи эрэ көрүнэн-нарынан олорор буолан хаалла. Билигин үгүс киһи аттыгар баар алаастарын, үрэхтэрин ааттарын да билбэт, сылдьыбытын туһунан этэ да барбаппыт. Өбүгэлэрин олорбут алаастарын, дойдутун историческай, ытык сирдэрин билбэт, сүгүрүйбэт, махтаммат буолла.
Ону өйдүүргэ, санааны-оноону сааһыланарга, ийэ куту уһугуннарарга, ис кыаҕы арыйарга көмөлөһөр маршрут диэн көрөбүт. Көрөргүтүн курдук, бэйэтинэн олус дьикти маршрут буолан таҕыста. Саха дьоно кэлэҥҥит, ис эйгэҕитин (духуобунаскытын, култуураҕытын, ис кыаххытын) арыйыҥ, уһугуннарыҥ. Саханы саха дэппит, саха суолун тобулбут, саха туһугар олохторун биэрэн туран турууласпыт улуу убайдарбыт биир сиргэ төрөөн-үөскээн олорбуттара. Онон Таатта ытык сирэ ураты кистэлэҥ тыыннааҕын, күүстээҕин биллэрэр. Ол иһин, бу ытык сирдэри харахпыт харатын курдук харыстаан, күүһү-уоҕу ылар, өбүгэлэрбит этиилэрин өйдүүр (талааннаргын арыйар), олохпут сүрүн өйдөбүллэрин ылынар сирбит буолар.
Онон, өбүгэлэриттэн кэлбит ис кыаҕын, айылҕаттан бэриллибит күүһүн өйдүөн, сайыннарыан баҕарар киһи бу курдук төрөөбүт дойдутун алаастарынан, тыаларынан, хайаларынан, үрэхтэринэн сылдьыах, этинэн-хаанынан билиэх, дуоһуйуох тустаах. Ол ханнык даҕаны күүскэ тэҥнэспэт, ханнык даҕаны харчыга ааҕыллыбат хамсаныылар, көстүүлэр буолаллар. Дойдугар, норуоккар тапталы иитии, уһугуннарыы биир сүрүн көстүүтэ, ньымата диэххэ сөп. Саха киһитэ айылҕаны, тыа сирин кытары ыкса ситимнээх, саха киһитэ — айылҕа оҕото, күүһэ, тыына. Ону аныгы сахалар өйдүөх тустаахпыт.
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…