Бу күннэргэ Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэр бибилэтиэкэлэрин пуодаларын хаҥатарга көмө быһыытынан, кинигэлэри хомуйан, тэрийэн ыытта. Ол иһигэр, суруйааччы Степан Сивцев-Хамалҕа бэйэтин кинигэлэрин аҕалла. Кини анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга анаан кинигэлэрин ыытта.
— Мин аҕам, суруйааччы Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» айымньыта 1944 сыллаахха тахсыбытын, саллааттар илиилэринэн устан суруйан баран, хоонньуларыгар укта сылдьан ааҕаллара үһү. Георгий Мигалкин диэн уордьаннаах ветеран суруйбутунан, түөһүгэр укта сылдьан сэрии, кыргыһыы быыһыгар, сынньаныы кэмигэр окуопаҕа сахалар мустаннар, «Уолан Эрилиги» доргуччу ааҕаннар, санаалара өрө көтөҕүллэн, дойдуларын тыынын эҕирийэн, эрчим ылан, өстөөҕү утары сэриигэ киирэллэр эбит. Онон аҕам холобурун ыламмын, кыах баарынан көмөлөһөр санааттан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар саха уоланнарыгар кинигэлэрбин, 60 устууканы ыыттым. Уолаттар санаалара бөҕөх, туруктара чөл буоллаҕына, кыайыы көтөллөөх эргиллиэхтэрэ диэн эрэнэбин, — диэн Степан Ефремович кэпсээтэ.
Сииттэҕэ "Үтүө санаа харыйата" сылын аайы ыытыллар. Кэнники кэмнэ олохтоохтор олус көхтөөхтүк кыттар буоллулар. Киирбит…
Бэрдьигэстээххэ 2025 сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ" тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Үрдүктэн үрдүгү баһылааһын, сулустарга…
2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…