Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах буолла.
Наталья Харлампьева, норуодунай бэйиэт:
— Быйыл Арассыыйаҕа Суруйааччылар сойуустара төрүттэммиттэрэ 90 сылын бары эрэгийиэннэргэ бэлиэтииллэр. 1934 сыл ахсынньы саҥатыгар саха суруйааччыларын кэмпириэнсийэлэрэ буолан, саҥа сойуус тэриллибитэ. Бастакы бэрэссэдээтэлинэн Платон Ойуунускай талыллыбыта. Аныгы суруйааччылар сойууспут тэриллэр төрдүгэр Ойуунускай турбутунан киэн туттабыт, — диэн эттэ.
Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов:
— 90 сыл устата биһиги сойууспут дьалхааннаах үйэ араас тургутууларын чиэстээхтик туораан, олоҕу туойан, норуоту сирдээн кэлбитэ. Күн бүгүн сойууска 70-ча чилиэннээх. Бэҕэһээ эдэр суруйааччылары ыллыбыт. Сойуус сыллата ыытар үгэс буолбут тэрээһиннэрдээх, бырайыактардаах, атын өрөспүүбүлүкэлэр сойуустарын кытта доҕордуу сибээһи тутабыт.
Сергей Местников, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Сойуус тэриллиэҕиттэн көлүөнэлэр ситимнэрин быспакка, тэрээһиннэрин ыытан, кинигэлэри таһааран кэллэ. Билигин көхтөөхтүк үлэлиир айар сойуус буолар. Саха сирин норуоттарын литературалара сайдар кэскиллээх. Оскуолаҕа бары да саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕан кэлбиппит. 7-с кылааска сылдьан Н.Якутскай »Төлкө» кинигэтин утаппыттыы ааҕан баран, умсугуйан, атын классиктары аахпытым. Ол мин олоҕу көрүүм, өйүм-санаам сайдыытыгар, киһи буолан тахсарбар олук уурбута. Билигин да ааҕарбын сөбүлүүбүн. Аныгы үйэҕэ саха тыла, духуобунас сайдарыгар, үүнэр көлүөнэҕэ тиийэригэр кылааты киллэрэ сылдьаҕыт. Онон өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Эһиил саха литературата төрүттэммитэ 125 сылын бэлиэтиэхпит. Онно кэлим былааны ылынныбыт, — диэн эттэ. Кини сойууска анал чороону, норуодунай суруйааччыларга үрүҥ көмүс уруучукалары туттарда.
Мария Турантаева, култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы:
— Бүгүн биһиэхэ улахан суолталаах күн, бу саалаҕа үйэлээх айымньылары айар суруйааччылары барыларын бииргэ көрөр кыахтаахпыт. Аныгы суруйааччылар айымньылара кэлин классика буолуохтарын баҕарабын. Аан бастаан тыыннаах суруйааччылары Николай Тобуруокабы, Николай Якутскайы көрбүт дьоллоох түгэммин умнубаппын. Алампа аатынан бириэмийэни олохтоон, айар дьоҥҥо туттарабыт. »Ньургун Боотур» олоҥхо элбэх тылынан тылбаастанна. Суруйааччылар сойуустара кырдьаҕас холбоһук буоллар да, аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр, — диэн эттэ.
Салгыы атын эрэгийиэннэр Суруйааччыларын сойуустарыттан эҕэрдэлэр кэлбиттэрин, ааҕан иһитиннэрдилэр. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бастакы сэкиритээрэ Геннадий Иванов видеонан эҕэрдэлээтэ. Кини Өксөкүлээх Өлөксөй кинигэтин остуолугар уурунан олорорун, атын саха суруйааччыларын айымньыларын аахпытын туһунан кэпсээтэ. Сойууһу өр кэмҥэ чиэстээхтик салайбыт Наталья Харлампьеваҕа махтанна.
Ркаиль Зайдулла, Татарстан Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
— Икки өрөспүүбүлүкэ сойуустара кэнники кэмҥэ ыкса алтыһабыт. Бу доҕордоһуу сэбиэскэй кэмҥэ аҕа саастаах суруйааччыларбытыттан саҕаламмыта. Поэзия, проза антологияларын сахалыы, татаардыы тылынан хардарыта таһаардыбыт. Бу кэнники татаар оҕо литературатын антологиятын сахалыы уонна Платон Ойуунускай кинигэтин татаардыы тылбаастаан таһаардыбыт. Онон доҕотторбутун эҕэрдэлии кэллибит. Ойуунускай айымньыларын ааҕан баран, этэргэ дылы, мин култуурунай »шок» ылбытым. Ол курдук күүстээх уобарастардаах, ураты көрүүлээх этэ. Төһө да түүрдүү тыллаах буолларбыт, ыраах-ыраах олоробут. Ол да буоллар, өйбүт-санаабыт, менталитеппыт маарынныырын бэлиэтиибит, — диэн туран, Казаньтан аҕалбыт бэлэхтэрин туттарда.
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…
Сэтинньи 21-26 күннэригэр Великие Луки куоракка "Надежды России" диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии ыытылынна. Манна Саха…
Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт стратегическэй сиэссийэтигэр энергоэффективноһы үрдэтии өйөбүлүн…
Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан норуот дьокутаата Александр…