Суруналыыс Николай Ребров 75 сааһын туолла

Share

Николай Ребров аата устуоруйаны, бэлиитикэни сэҥээрэр, хаһыаты доҕор оҥостор, успуордунан дьарыктанар дьоҥҥо киэҥник биллэр. Хаһыаппыт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Абый улууһун бочуоттаах гражданина Николай Ребров лоп курдук 75 сааһын туолла.

Олоҕун олуга

Николай Николаевич Ребров 1948 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Саха АССР Абый оро­йуонун Муҥурдаах нэһилиэгин Сыаҥаннаах сэлиэнньэтигэр биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Ребров Николай Семенович холкуос бэрэссэдээтэлинэн, ийэтэ Дохунаева Мария Ниловна ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлииллэрэ.

1966 с. Дружина орто оскуо­латын бүтэрэн баран, оччотоо­ҕу “Оскуола–үлэ–үрдүк үөрэх” хамсааһынынан “Абый” сопхуоска оробуочайынан үлэлээбитэ. 1973 с. СГУ ИФФ устуо­руйаҕа салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Актыбыыс устудьуон үөрэҕин таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ хото сыстан барбыта, хомсомуол кэмитиэтин чилиэнэ, университет “Алмаас” тутар этэрээтин комиссара, өрөспүүбүлүкэ элбэх улууһун кэрийбитэ.

Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх СӨ үтүөлээх бырааһа Реброва Татьяна Федоровналыын олохторун холбоон, былырыын кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Уол оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, түөрт сиэн тапталын биллилэр.

Уоллара Иван экэнэ­миис, судаарыстыбаннай сулуус­па үөрэхтээх. Кийииттэрэ Екатерина экэнэмиис идэлээх, кэлин оҕолорун иитии­тинэн дьарыктанар. Икки улахан сиэннэрэ – Санкт-Петербурдааҕы үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара, үһүс сиэннэрэ – орто оскуола үөрэнээччитэ, сиэн уол кэлэр сылга оскуола боруогун атыллыахтаах.

Үлэһит киһини үлэ батыһа сылдьар

Үлэһит киһини үлэ батыһа сылдьар диэн мээнэҕэ этиллибэт. Николай Николаевич үөрэҕин бүтэриэҕиттэн Абый, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар хомсомуолга, успорка, үөрэхтээһин эйгэтигэр, сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саҥа кэмҥэ Абый улууһун баһылыгы солбуйааччытынан анаммыта.

1999 сылтан Дьокуускайга олорор, айар үлэҕэ, сонуну тарҕатар эйгэҕэ сыстан дьарыктанар. Ол курдук, “Сахаэнергоҕа”, Тэлэбиидэнньэ тиэхиньиичэскэй киинигэр, “Саха сирэ” хаһыаттарга үлэлээбитэ.

Икки тылынан суруйар суруналыыс

“Саха сирэ” хаһыат ус­­пуорка аналлаах “Дьулурҕан” сыһыарыытыгар үлэлии киирэн баран, отделым эрэ­дээктэрэ Петр Павловка илии­тигэр куруук хара бартыбыал тутуурдаах, саас ортолоох киһи кэмиттэн-кэмигэр успуорт тула санаа атастаһан барарын, ыстатыйа суру­йан хаалларарын көрөрүм, бу – Николай Николаевич. Ол курдук, 1973 сылтан өрөспүүбүлүкэ үгүс хаһыаттарыгар тиһигин быспакка бэчээттэнэр. “Сорох сылга сэттэ уоҥҥа тиийэ ыстатыйаны суруйтаабытым баар” диэн соһуппуттаах. Сүрүннээн  “Саха сирэ”, “Якутия”, “Кыым”, “Туймаада”, “Киин куорат” уонна улуустар  хаһыаттарыгар суруйар. Устуорук идэлээҕин быһыытынан, хабар тиэмэтэ бэрт киэҥ: бэлиитикэ, устуо­руйа, үөрэх, тыа хаһаайыстыбата, мэдиссиинэ, култуура, ду­­хуобунас, успуорт, дьиэ кэргэн иитиитэ, ыччат кыһалҕалара, биллиилээх дьон олоҕо, үлэтэ, энэргиэтикэ, хоруупсуйаны утары охсуһуу, о.д.а. Аны сахалыы-нууччалыы икки тылынан суруйар буолан, ытыс үрдүгэр сылдьар, аныгы кэмҥэ ити сэдэх көстүү диэххэ сөп.

Уопсайа, 36 кинигэ, 5 буклет ааптара. Олортон биирдии­лээн салааларынан тарбахха баттаан холобурдаан аастахха, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастара, ССРС чөмпүйүөнэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх тириэ­ньэрэ Н.П. Неустроев туһунан “Хотугу холорук”, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ Н.Н.Волков туһунан “Тустууга анаммыт олох”, Саха сирин чекистэригэр анаммыт “Мы из КГБ”, хотугу энэргиэтиктэр үлэлэригэр-хамнастарыгар анаммыт “Северное сияние над землей Олонхо”  уо.д.а. дьон сэҥээриитин ылбыт дьоһун­наах кинигэлэрдээх.

Аҕыйах хонуктааҕыта үлэлиир кэбиниэппэр бэчээттээн табыгырата олордохпуна: “Быйыл 75 сааспар бэйэм бэйэбэр бэлэх оҥостон, саҥа жанрга – хоһооннорго холоннум. 45 хоһооммун тиһэн, хомуурунньук таһаартардым”, – диэн үөрүүтүн үллэстэн, “Хоһооннорум – хоболорум” диэн бэрт ураты ааттаах, буруо­луу сылдьар кинигэтин суруктаан-бичиктээн бэлэхтээтэ.

Николай Николаевич сытыы бөрүөлээх биир чаҕыл­хай суруксут буоларын Бэчээт туйгунун, култуура үтүөлээх үлэһитин таһынан, “ЭКСПО-2005” норуоттар икки ардылары­нааҕы суруналыыс­тар бириэмийэлэрин энэргиэ­тикэҕэ салаатыгар лауреат үрдүк аатын ылбыта туоһулуур.  Оттон тус бэйэм, ол маҥнай 2008 сыллаахха көрүөхпүттэн, күн бүгүҥҥэ диэри бартыбыалыттан А4 кумааҕыга ыраас буочарынан суруллубут ыстаты­йаларын аҕала турарын бэлиэтиэм этэ. Кини ыстатыйаларыгар көннөрү санаатын эрэ үллэстибэт, сонуну эрэ иһитиннэрэн кэбиспэт, хайаан даҕаны туох эрэ кыһалҕаны таарыйарынан, туруорсарынан ураты. Илиинэн киллэрбит матыры­йаалларын ааҕа олорон киһи үгүстүк “кырдьык даҕаны”, “бэрт судургутук, уот харахха этэн кэбиспит ээ” диэн толкуйга түһэрэр. Уонна биир бэйэм Николай Николаевичка үйэм тухары махталлаахпын – РФ Суруналыыстарын сойууһугар киирэрбэр бэрт дьоҕус эрээри, өрүү буоларыныы, ыллыктаах мэктиэ суругу суруйбута.

Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэтэ

Н.Н. Ребров төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа таҕыс­тар, быар куустан олорбот. Саҥа кэмҥэ демократичес­кай, альтернативнай төрүккэ олоҕуран ыытыллар бары таһымнаах быыбардарга политолог, суруналыыс, лиэктэр быһыытынан көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, РФ бэрэсидьиэ­нин, СӨ бэрэсидьиэнин – Ил Дарханын, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын быыбардарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстааптарга үлэлээтэ. Ил Түмэн, куорат мээрин быыбардарыгар өйүүр бөлөхтөргө кытынна. “Миэхэ хандьыдаат баартыйалааҕа-баартыйата суоҕа оруолу оонньообот. Саамай сүрүнэ – дьыалабыай, киһилии хаачыстыбата. Киһи быһыытынан судургу, чиэһинэй, дьоҥҥо чугас, дуоһунас да, наҕараада даҕаны буорту гымматах буолуохтаах”, – диэн аҕыйах тылынан өйүүр хандьыдааттарын уобарастарын арыйар.

Быйыл кулун тутарга ыытыллыахтаах дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар В.В. Путины өйөөн үлэлиир былааннаах.

Николай Ребров тус архыыбыттан.

Түмүк

“Олоххо, үлэҕэ буолбут, көрсүбүт бары сүтүктэри, ыарахаттары, моһоллору ахтан, өйдөөн-санаан туран, түмүккэ бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Сааһырбыт киһи киһиргэс буолар дииллэр. Баҕар, мин эмиэ оннугум буолуо. Ол эрээри, айаным суола мэлдьи сибэккинэн симэммэтэҕин, олохпор, үлэбэр араас түгэннэр баалларын хаһан да кистээбэтэҕим, кырааскалаан кэпсээбэтэҕим.

Дьолум – этэҥҥэ 75 сааспар тиийбитим, үйэ аҥаарыттан ордук кэм таптыыр кэргэмминээн бииргэ олорбуппут, ыал буолбут быр-бааччы олохтоох уолум уонна кийиитим, түөрт мааны сиэннэрим, дьоҕурум, үлэм сөптөөхтүк сыаналаммыта, дьоҥҥо үтүө сыһыаным, элбэх доҕоттор­дооҕум, табаарыстардааҕым.

Сырдык ыралаах, үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһан олоруоҕуҥ, айыаҕыҥ, кэлэр кэми уруйдуоҕуҥ”, – диэн  Николай Николаевич кэпсээнин түмүктүүр.

“Саха сирэ” хаһыат аатыттан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммитин, хаһыаппыт биир эрэллээх сурутааччытын Н.Н. Реброву үбүлүөйдээх 75 сааскынан эҕэрдэлиибит. Бөҕө доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago