Суруналыыс Николай Ребров патриоттуу иитиигэ санаатын үллэстэр
Суруналыыс Николай Ребров патриоттуу өйү-санааны иитии туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр:
— Ийэ дойдуну таптааһын, дойдуга бэриниилээх буолуу, дойдунан киэн туттуу уонна дойдубут баай устуоруйатын кичэллээхтик, кырдьыктаахтык үөрэтии, билии, көлүөнэлэр үтүө үгэстэрин салҕааһын уонна байытыы — бу барыта патриоттуу өйү-санааны иитии быстыспат ситимнэрэ буолаллар.
Ааспыт үйэ 90-ус сылларыттан саҕалаан демократия долгуннарыгар оҕустаран, Америка Холбоһуктаах Штаттарын, арҕаа дойдулар күүстээх сабыдыалларынан атын сыаннастарга охтубуппут, патриоттуу өйү-санааны, иитиини умна быһыытыйбыппыт мэлдьэх буолбатах.
Оччолорго этэ дии… Пааматынньыктары устууну, бэйэбит устуоруйабыт чахчыларын токурутууну, урукку ааттары-суоллары аҥаар кырыытыттан уларытыыны-тэлэритиини, атын да омсолоох дьаһаллары саҕалаабыппыт.
Саҥа олохпут кылгас омсолоох кэрчигиттэн ааспыт устуоруйабытыгар төнүннэххэ, Арассыыйа үйэлэргэ патриоттар дойдуларынан биллэрэ, аатырара.
Билигин патриоттуу өйү-санааны иитиини судаарыстыба таһымнаах сыал-сорук оҥостон бу үлэни күүскэ саҕалаабыппыт, сорунуулаах киэҥ өрүттээх дьаһаллары ылан эрэрбит үөрүүлээх, хаһан баҕарар устуоруйа кырдьыга бэйэтин миэстэтин булар аналлаах.
Биллэн турар, патриоттары иитии күннэтэ ыытыллар, уһун болдьохтоох, киэҥ далааһыннаах, элбэх хайысхалаах, көрүҥнээх үлэ. Олортон чопчу икки суолга тохтуубун.
Бастакытынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үгүс оскуолаларга, нэһилиэктэргэ, бары улуустар киинэригэр, ону сэргэ улахан тэрилтэлэр устуоруйаларыгар, уһулуччулаах дьоннорго анаммыт элбэх мусуойдар бааллар, үлэлииллэр. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, суолталаах мусуойдардаахпыт. Мусуойдар бары араас өрүттээх элбэх үлэни ыыталлар, дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллар, кэрэхсээн сылдьаллар. Патриоттуу өйү-санааны иитиигэ, устуоруйа кырдьыгын токурутууну утары охсуһууга мусуойдар биллэр-көстөр киин буолуохтаахтар, оннук хайысхалаах үлэни утумнаахтык ыытыахтаахтар дии саныыбын. Соторутааҕыта биир тэрээһиҥҥэ Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Николай Бугаев мусуой ахтыллыбат хайысхаларга сүрүн болҕомтону ууран үлэлиирин кэпсээбитин биһиргии истибитим. Таарыйа аҕыннахха, патриоттары иитиигэ историческэй миэстэлэр эмиэ туһаныллыахтаахтар, олор устуоруйа туоһулара буоллахтара дии.
Иккиһинэн, патриоттары иитиигэ айар үлэһиттэр улахан оруоллаахтар, элбэҕи оҥоруохтаахтар. Сэбиэскэй кэмҥэ төһөлөөх элбэх үтүөкэннээх айымньылар айыллыбыттарай? Олор дойдубут устуоруйатын бары кэмнэригэр норуоту сомоҕолуурга, үлэҕэ, охсуһууга өрө күүрдэргэ, кыайыыга кынаттаары төһөлөөх улахан суолталаммыттарай? Ол айымньылары билигин даҕаны таптаан ааҕабыт, ырыалары уостан түһэрбэккэ ыллыыбыт. Ылан көрүөҕүҥ, «Священная война», «Катюша» ырыалары, А. Твардовскай «Василий Теркин» поэматын, А. Фадеев «Эдэр гвардия» арамаанын эбэтэр Илья Чаҕылхан «Хайыһарын», Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаанын…
Билиҥҥи уустук кэмҥэ, быһыыга-майгыга патриоттуу тыыннаах айымньылар олус наада буоллулар. Хомойуох иһин, олор билигин суохтар. Онон суруйааччылар, суруналыыстар, ырыа айааччылар сойуустара, атын да айар түмсүүлэр, бөлөхтөр бу үлэҕэ ураты болҕомто ууран айымньылаахтык үлэлииллэрэ эрэйиллэр.
Арассыыйа — патриоттар дойдулара! Бу төлөннөөх этиини биһиги дойдубут устуоруйата өрөгөйдөөхтүк туоһулуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: