Бүгүн, кулун тутар 26 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ “Саха сирэ” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Абый улууһун бочуоттаах гражданина, 37 кинигэ ааптара Николай Ребров 75 сааһынан үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Тэрээһиҥҥэ Николай Ребров үөлээннээхтэрэ, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонноро муһуннулар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников Николай Николаевиһы бу өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлээн туран, СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан “Гражданскай килбиэн” бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Николай Николаевич Ребров 1948 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Саха АССР Абый оройуонун Муҥурдаах нэһилиэгин Сыаҥаннаах сэлиэнньэтигэр биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1966 с. Дружина орто оскуолатын бүтэрэн баран, “Абый” сопхуоска оробуочайынан үлэлээбитэ. 1973 с. СГУ ИФФ устуоруйаҕа салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Актыбыыс устудьуон үөрэҕин таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ хото сыстан барбыта, хомсомуол кэмитиэтин чилиэнэ, университет “Алмаас” тутар этэрээтин комиссара, өрөспүүбүлүкэ элбэх улууһун кэрийбитэ.
Салгыы үбүлээри Бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэттэрин бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, Ытык Сүбэ Бочуоттаах чилиэнэ Будимир Слепцов, “Якутскэнерго” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев, Абый улууһун баһылыга Владимир Новиков уонна да атыттар эҕэрдэлээтилэр.
Үөрүүлээх тэрээһини «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытта.
Күн-дьыл туруга хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, илин, хотугулуу-илин кыралаан ардыа, инчэҕэй…
Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр анаммыт ''Түмэл түүнэ'' тэрээһиҥҥэ элбэх интэриэһинэй экскурсиялар,…
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар халаан туругун ыам ыйын 18 күнүгэр ыксаллаах балаһыанньаны сэрэтиигэ уонна туоратыыга хамыыһыйа мунньаҕар…
Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…
Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…
Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…