Дьокуускай куоракка 3-с көлүөнэ оскуола иһинэн үлэлиир «Сайдам саас» түмсүү сыл аайы араас тэрээһиннэри ыытар.
Айар куттаах дьон буолан, кинилэр ордук чуолаан суруйааччылары, айар талааннаах дьону ыҥыран ыалдьыттаталлар, сүбэ-ама ылаллар. Кулун тутар 20 күнүгэр кинилэр бэйэлэрин түмсүүлэригэр СӨ үтүөлээх суруналыыһын, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнин, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнин Надежда Егорованы-Намылыны ыалдьыттаттылар. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон Намылы кинигэтин барытын кэриэтэ аахпыт буолан, кинигэлэрин ырытан, санааларын аһаҕастык этэн, бэрт сэргэх, туһалаах атах тэпсэн олорон сэһэргэһиилэрэ буолла. Түмсүү чилиэннэрэ “Тайҕа таайыллыбатах таптала” уонна бу соторутааҕыта күн сирин көрбүт “Дьол хараҕа суох” кинигэлэри сэҥээрэн аахпыттарын, сюжеттарынан, дьоруойдарынан ымпыгын-чымпыгын ырыттылар.
Суруналыыс айар түмсүү үлэтин эмиэ бэркэ сэргээтэ. Ол курдук, “Сайдам саас” чилиэннэрэ үс хайысханан үлэлииллэр эбит: литература, иис-уус уонна чэгиэн доруобуйаны тутуһуу, сырдатыы.
— “Сайдам саастар” олус көхтөөх дьон. Ол кинилэр бэрт элбэх быыстапкаҕа, көрсүһүүгэ, тэрээһиҥҥэ бииргэ сылдьалларыттан да көстөр. Түмсүү салайааччыта Маргарита Габышева түмсүүгэ санааларын сааһылаан кэпсээн, хоһоон суруйар, ырыа айар дьүөгэлэрин туһунан бэркэ киэн тутта билиһиннэрдэ. Мин бу айар куттаах дьону кытта чугастык алтыһан олус астынным, өссө айыахпын-тутуохпун баҕардым», — диэн санаатын үллэһиннэ Надежда Егорова.
Суруналыыһы уонна суруйааччыны кытта көрсүһүү бэрт истиҥник ааста. Ол туоһутунан Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы «Таммахтар» айар холбоһук чилиэнэ Елена Прокопьева анабыл хоһооно буолла:
Бүгүн көрсөр буоллубут
Бэркэ биллэр киһини,
Сурдурҕаччы суруйар
Суруналыыс бастыҥын.
Кэрэхсэллээх кэпсээнин
Куруук күүтэр эбиппин,
Киэһэлэргэ дьэ бүөмнээн
Кичимэлээн ааҕабын.
Аар тайҕаттан тардыылаах
Таайыллыбат тапталы,
Хорсун дьоҥҥо анаммыт
Хараҕа суох дьол туһун.
Уус-ураннык суруйан,
Умсулҕаны иҥэрэн,
Дууһабытын байыттыҥ,
Долгутаҥҥын ытаттыҥ!
Араас уустук дьылҕаны
Айымньыгар анааран,
Олох туһун толкуйдуур
Оҕо дьону угуйдуҥ!
Суруйаҕын күннэтэ
Субу тирээн турары,
Кыларыйар кырдьыгы,
Кылаан бэртик, хорсуннук!
Сахаҥ тылын саргытын,
Сарсыҥҥытын уһансан,
Сытыы бөрүө аргыстаах
Сырыт олох үөһүнэн!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: