Суруналыыс, суруйааччы «Сайдам сааска» ыалдьыттаата

Share

Дьокуускай куоракка 3-с көлүөнэ оскуола иһинэн үлэлиир «Сайдам саас» түмсүү  сыл аайы араас тэрээһиннэри ыытар.

Айар куттаах дьон буолан, кинилэр ордук чуолаан суруйааччылары, айар талааннаах дьону ыҥыран ыалдьыттаталлар, сүбэ-ама ылаллар. Кулун  тутар 20 күнүгэр кинилэр бэйэлэрин түмсүүлэригэр  СӨ үтүөлээх суруналыыһын, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнин,  «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнин Надежда Егорованы-Намылыны ыалдьыттаттылар. Көрсүһүүгэ  кэлбит дьон Намылы кинигэтин барытын кэриэтэ аахпыт буолан, кинигэлэрин ырытан, санааларын аһаҕастык этэн, бэрт сэргэх, туһалаах атах тэпсэн олорон сэһэргэһиилэрэ буолла. Түмсүү чилиэннэрэ “Тайҕа таайыллыбатах таптала” уонна бу соторутааҕыта күн сирин көрбүт “Дьол хараҕа суох” кинигэлэри сэҥээрэн аахпыттарын, сюжеттарынан, дьоруойдарынан  ымпыгын-чымпыгын ырыттылар.

Суруналыыс айар түмсүү үлэтин эмиэ бэркэ сэргээтэ. Ол курдук, “Сайдам саас” чилиэннэрэ  үс хайысханан үлэлииллэр эбит: литература, иис-уус уонна чэгиэн доруобуйаны тутуһуу, сырдатыы.

“Сайдам саастар”  олус көхтөөх дьон. Ол кинилэр бэрт элбэх быыстапкаҕа, көрсүһүүгэ, тэрээһиҥҥэ бииргэ сылдьалларыттан да көстөр.  Түмсүү салайааччыта Маргарита Габышева  түмсүүгэ санааларын сааһылаан кэпсээн, хоһоон суруйар, ырыа айар  дьүөгэлэрин туһунан бэркэ киэн тутта билиһиннэрдэ. Мин бу айар куттаах дьону кытта чугастык алтыһан олус астынным, өссө айыахпын-тутуохпун баҕардым», — диэн санаатын үллэһиннэ Надежда Егорова.

Суруналыыһы уонна суруйааччыны кытта көрсүһүү  бэрт истиҥник ааста. Ол туоһутунан Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы «Таммахтар» айар холбоһук чилиэнэ Елена Прокопьева анабыл хоһооно буолла:
Бүгүн көрсөр буоллубут
Бэркэ биллэр киһини,
Сурдурҕаччы суруйар
Суруналыыс бастыҥын.

Кэрэхсэллээх кэпсээнин
Куруук күүтэр эбиппин,
Киэһэлэргэ дьэ бүөмнээн
Кичимэлээн ааҕабын.

Аар тайҕаттан тардыылаах
Таайыллыбат тапталы,
Хорсун дьоҥҥо анаммыт
Хараҕа суох дьол туһун.

Уус-ураннык суруйан,
Умсулҕаны иҥэрэн,
Дууһабытын байыттыҥ,
Долгутаҥҥын ытаттыҥ!

Араас уустук дьылҕаны
Айымньыгар анааран,
Олох туһун толкуйдуур
Оҕо дьону угуйдуҥ!

Суруйаҕын күннэтэ
Субу тирээн турары,
Кыларыйар кырдьыгы,
Кылаан бэртик, хорсуннук!

Сахаҥ тылын саргытын,
Сарсыҥҥытын уһансан,
Сытыы бөрүө аргыстаах
Сырыт олох үөһүнэн!

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

7 часов ago