Суруналыыстар энциклопедиялара сүрэхтэннэ
Алтынньы 11 күнүгэр “Саха сирин суруналыыстара” диэн энциклопедия сүрэхтэниитэ буолла. Бу Саха АССР 100 сылыгар СӨ Суруналыыстарын сойууһа өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар аан бастаан тахсыбыт улахан бырайыагы — “Саха сирин суруналыыстара” энциклопедияны хомуйан, оҥорон күн сирин көрдөрдө.
Энциклопедия Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев гранынан үбүлэнэн, бэчээттэннэ. Барыта 891 суруналыыс олоҕун, үлэтин кэрэһилиир кылгас биографиялара киллэрилиннэ.
Бырайыак ааптара, Суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева көлүөнэлэр утумнаһыыларын тыыннаах хаалларар, өр кэмҥэ айымньылаахтык үлэлээбит, үлэлии сылдьар, идэлэрин толору баһылаабыт суруналыыстар ааттарын үйэтититэр сыал-сорук 2015 сылтан турбутун туһунан кэпсээтэ. Бу кэтэһиилээх, бастакы таһаарыы саха суруналыыстыкатын тыыннаах летопиһа буоларын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
— Соторутааҕыта Сочи куоракка буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы аныгы суруналыыстыка пуорумугар баран энциклопедияны сүрэхтээн кэлбиппит. Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Владимир Соловьев энциклопедияны сүрдээҕин биһирээтэ, атын эрэгийиэннэр сойуустара холобур оҥостон, эмиэ таһааралларыгар сүбэлээтэ. Тоҕо диэтэр, Арассыыйа үрдүнэн суруналыыстар тустарынан энциклопедия тахсыбыта бэрт сэдэх. Бу энциклопедиябыт Арассыыйа суруналыыстыкатын мусуойугар хараллыаҕа. Ону тэҥэ, атын эрэгийиэннэртэн кэлиэгэлэрбит кинигэ ис-тас оҥоһуутун, хаачыстыбатын хайҕаатылар. Дизайнын Гаврил Попов оҥордо, Екатерина Габышева хомуйан оҥорооччу, эрэдээктэр быһыытынан үлэлээтэ. Хамсык кэмигэр, кэлии-барыы тохтоон турар ыгым бириэмэтигэр интэриниэт нөҥүө үлэлээн, кинигэ күн сирин көрдө. Онон утары уунарга киһи кыбыстыбат кинигэтэ, устуоруйаны кэрэһилиир дьоһун энциклопедия тахсыбытынан биир идэлээхтэрбитин эҕэрдэлиибин! – диэн кини эттэ.
Маны тэҥэ, бэтэрээн-суруналыыстар түмсүүлэрин салайааччы Татьяна Элляева, “Саха” НКИХ дириэктэрэ Олег Марков, “Сахамедиа” холдинг дириэктэрэ Виктор Колесов, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев, уо.д.а. тыл эттилэр. Кинилэр суруналыыстар сороҕор аһыылларын-утуйалларын да умнан туран, дьон туһунан суруйаллар, сүрүн суолталаах сабыытыйалары сырдаталлар, Саха сирин олохтоохторун кыһалҕаларын, интэриэһиргэтэр боппуруостарын туруорсаллар эрээри, үксүгэр бэйэлэрин тустарынан “умнан” кэбиһэллэрин санаттылар. “Суруллубут – суоруллубат!” диэн этии чахчы хаһыатчыттарга сыһыаннаах, тоҕо диэтэр, кэм сирэйэ, устуоруйа чахчыта хаһыаттарга суруллан, ырытыллан, үйэтийэр буоллаҕа.
Онон бу кинигэҕэ саха суруналыыстыкатын номоххо киирбит, буойун-суруналыыстар, салаа уонна эрэгийиэннээҕи суруналыыскай тэрилтэ салайааччыларын, издателлэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы хаһыаттар, электроннай СМИ-лэр сүрүннүүр суруналыыстарын, идэлэрин уһулуччу баһылаабыт судаарыстыбаннай уонна биэдэмистибэннэй наҕараадаларынан наҕараадаламмыттар кылгас автобиографическай дааннайдара түмүлүннүлэр.
Ону тэҥэ, буойун-суруналыыстар, Судаарыстыбаннай биримийэлэр лауреаттара, сойуус бэрэссэдээтэллэрэ, үтүөлээх суруналыыстар, уо.д.а. ааттара туспа испииһэктэнэн киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
— Бу кинигэни арыйталыы олордохпуна, бүтүн үйэ кэриҥнээх устуоруйа тиллэн кэлэргэ дылы гынна. Саха суруналыыстыкатын атаҕар туруорбут, олохторун бэчээт сайдыытыгар анаабыт аксакаал-суруналыыстары кытары үлэлээбит, алтыспыт дьоллоохпун. Үйэттэн тахса кэм устуоруйа суруналыыстар мөссүөннэрин, үлэлээбит үлэлэрин нөҥүө тиллэн кэлэргэ дылы буолла. Ол эрээри бу кинигэҕэ бастакы суруналыыстар биографиялара киирбэтэҕин бэлиэтии көрдүм. Иккис, үһүс кинигэҕэ аныгы кэм суруналыыстара ситэрэн, кэҥэтэн таһаарыахтара диэн эрэнэбин, — диэн бэтэрээн-суруналыыс Иван Ксенофонтов эттэ.
Саха суруналыыстыкатын тыыннаах летопиһа — эриэккэс таһаарыы дьон-сэргэ интэриэһин тардыа, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин уонна нэһилиэктэр бибилэтиэкэлэрин пуондаларын хаҥатыа. Энциклопедия электроннай таһаарыыта СӨ Суруналыыстарын сойууһун www.sakhajour.ru сайтыгар киллэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: