«Суруналыыстар ийэлэрэ» Галина Бочкарева үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Share

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Бэчээт дьиэтин медиакиинигэр Саха сирин Суруналыыстар сойуустарын салайааччытын солбуйааччы Галина Алексеевна Бочкарева 65 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.

Ааптар түһэриитэ.

Тэрээһин Галина Алексеевна тус быыстапкатыттан саҕаланна. Манна »Идэҕэ бэринии» бастакы бэлиэ — Г.А. Бочкарева аата суруллубут үрүҥ көмүс уруучука Суруналыыстар түмэллэригэр эспэнээт быһыытынан бэрилиннэ.

Галина Алексеевна былыргы маллары, аккырыыккалары, значоктары мунньар коллекционер быһыытынан биллэр. Быыстапкаҕа кини мунньубут сэдэх эспэнээттэрэ көрдөрүүгэ турдулар.

Ааптар түһэриитэ.

Үбүлээри эҕэрдэлии инновация, сыыппара сайдыытын, инфокоммуникационнай технология миниистирэ Василий Ефимов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров, дьокутаат Захар Никитин, үгүс кэлиэгэлэрэ, суруналыыстар, уо.д.а. кэлбиттэр.

Кинилэр Галина Алексеевна настаабынньык быһыытынан элбэх эдэр суруналыыстарга көмө, сүбэ-ама буоларын, барыларын түмэрин, көмөлөһөрүн бэлиэтээтилэр, истиҥник махтаннылар, »ийэбит», »эдьиийбит» диэн ааттаатылар.
Суруналыыстар сойуустарын салайар кэмигэр кини хас биирдии чилиэҥҥэ болҕомтолооҕун, куруук кыһалҕаларын быһаарарга кыһалларын, тэрийэр дьоҕурдааҕын, эдэрдии эрчимнээҕин бэлиэтээтилэр.

Ааптар түһэриитэ

Кини Суруналыыстыка түмэлин тэрийии, Суруналыыстар энциклопедияларын таһаарыы, буойун-суруналыыстарга стеланы туттарыы, тас дойдуларга пресс-турдары тэрийии, о.д.а. бырайыактары олоххо киллэрбитэ. Суруналыыстыкаҕа 44 сыл устата үлэлээн, олоҕун анаабыта, ол иһигэр 15 сыл устата Саха сиринээҕи Суруналыыстар сойуустарын салайбыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу сылларын кэнниттэн, үбүлээһин суох кэмигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ сойуус ыһыллыбатаҕа, төттөрүтүн, Арассыыйаҕа саамай элбэх чилиэннээх идэлээх сойуус буола улааппыта. Бу манна Галина Алексеевна өҥөтө улахан.
Бу күн Галина Алексеевна Бочкареваҕа судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар, элбэх истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago