Суруналыыстар Донбасска сырыылара

Суруналыыстар Донбасска сырыылара

Ааптар:
30.12.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

“Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов салалтатынан биһиги суруналыыстарбыт байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр баран үлэлээн кэллилэр.  Кинилэр миэстэтигэр тиийэн сулууспалыы сылдьар байыастары көрүстүлэр. Ахтылҕаннаах Сахаларын сириттэн хаһыаттары илдьэн туттардылар. Айан-сырыы туһунан генеральнай дириэктэр В.Д.Колесов кэпсээтэ.

Байыаннай кэрэспэдьиэннэр

Бу иннинэ «Сахамедиа» холдинг уонна “Саха” НКИХ суруналыыстара сэтинньигэ Чечняҕа Гудермес куоракка Арассыыйатааҕы спецназ университетыгар байыаннай кэрэспэдьиэннэр куурустарыгар нэдиэлэ устата үөрэммиттэрэ.

Маннык анаан үөрэнии ылбычча буолбатаҕа өйдөнөр. Суруналыыстар байыаннай эпэ­рээссийэ саҕаланыаҕыттан ыкса ылсан үлэлээбиттэрэ. Холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов, ВГТРК “Россия-24” ханаа­лыгар куурус туһунан сюжеты көрөн баран, сибээстэһэргэ быһаарыммыттарын этэр. Ол түмүгэр, кэпсэтии ыытыллан, биэс киһи бойобуой бэлэмнээх буолууга, тактическэй мэдиссиинэҕэ, байыаннай эпэрээссийэни хайдах-туох сырдатарга үөрэммиттэр, сүбэ-ама ылбыттар.

Дьиҥ балаһыанньаны билэр соруктаах

– Анал байыаннай эпэрээссийэни хайдах баарынан тиэрдэр туһуттан «Сахамедиа» холдинг тута ылсан үлэлэспитинэн барбыта. Быстах байыаннай хомуур саҕаламмытын кэнниттэн, суруналыыстар Илиҥҥи байыаннай уокурукка тиийэн, уолаттар хайдах сулууспалыы, байыаннай бэлэмнэниини хайдах бара сылдьалларын туһунан миэстэтиттэн сиһилии сырдаппыттара, – диэн кэпсээнин саҕалыыр Виктор Джамаханович.

– Онон бу да сырыыга билигин быстах байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбыт онно хайдах сылдьалларын эмиэ ха­­йаан да баран билсэр, кинилэрдиин чугас­тык алтыһар санааламмыппыт. Үөрэнэн сэртипикээт тутан баран, дойдубутугар кэлэн бронежилет, кааска, туох ирдэнэрин барытын ылбыппыт. Бэлэм буолан баран өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар биллэрбиппит. Салгыы ДНӨ кытта сибээс олохтонон, айаҥҥа туруммуппут. Аккредитацияны ааһан, былааннанан баран биирдэ барбыппыт. Тоһоҕолоон бэ­­лиэтээтэххэ, киһи онно күүлэйдии барар сирэ буолбатах.

Москваҕа тиийэн баран салгыы Доннааҕы Ростовка буо­йаһынан айаннаабыппыт. Тирэх пууҥҥа байыаннай сулууспа­лаахтарга көмөнү оҥорууга сүрүннүүр киин бэрэстэбиитэлэ Вера Душкевиһы кытта көрсүбүппүт. Кини байыастар хайдах эмтэнэллэрин туһунан, саллааттар ийэлэрин кытары ыкса сибээстэһэллэрин кэпсээбитэ. Донецкай диэки эмиэ тирэх пуун үлэлиир, «Сахамедиа» холдинг» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сулустаан Заболоцкай биһигини сирдээн илдьэ сылдьыбыта.

Дойду сонуна туохтааҕар да күндү

– Сүрүн сорукпут байыаннай чаастарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэпсэтии, миэс­тэтигэр балаһыанньаны билии. «Саха сирэ», «Якутия» хаһыаттары түҥэппиппитин былдьасыһа-тарысыһа ыллылар. “Оо, дойдубут барахсан сонуна. Ааҕыахпыт да буоллаҕа” дэһэллэрэ киһи кул­гааҕар адьас уратытык, долгутардыы киирэр. Онуоха уолаттартан ордук туох туһунан ааҕыахтарын баҕаралларын ыйыппыппар, тута “үчүгэй эрэ сонуну” дэстилэр. Ол быыһыгар биир байыас: «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2023 сылга былаанын суруйаарыҥ эрэ», – диэн үлэһэн соһутта да, үөртэ да.

Биһиги байыастары кытары сэһэргэһэн баран, хайдах-­туох сылдьалларын, туохха наады­йалларын, туох тиийэрин-тиий­бэтин чуолкайдаһабыт. Ол быыһыгар, тарҕаммыт иһитиннэ­риилэри ыйыталаһабыт. Холобур, бастакы лииньи­йэҕэ ас-үөл суох, тиийбэт диэн иһитиннэрии тарҕанан турардаах диэбиппэр, байыастар ас-үөл баар дэ­­һэллэр, көрдөрөллөр даҕаны. Бэл, быстах-остох туттарга, эт атыылаһарга харчы­лаахпыт дииллэр. Арай, балаһыанньа соһуччу уларыйдаҕына, аһы-үөлү миэстэтигэр тиэрдэргэ уустук буолуон сөп эбит. Оннук тү­­бэлтэҕэ сибээскэ тахсан, хас эрэ килэ­миэтирдээх сиргэ уурдубут, онтон кэлэн ылаарыҥ диэн сэрэтэллэр эбит. Тарҕаммыт сурахтар ордук ас-үөл, таҥас-сап тиийбэтин туһунан уонна харчыга сыһыаннаах буоланнар, олору ымпыктаан-чымпыктаан сурас­тым. Ол түмүгэр, сорох суруйуулар оруннара суоҕа билиннэ.

Айанныы сылдьан көрдөххө

– Биһиги Донецкайга сылдьарбыт тухары ордук элбэхтэ ботурууллары, суһал көмө массыыналарын, баһаарынайдары көрдүбүт. Кафелар, ас-үөл маҕаһыыннара үлэлииллэр. Уот-күөс баар. Манна социальнай эбийиэктэр, оскуолалар, балыыһалар, гостиницалар, дьон олорор дьиэлэрэ ордук эмсэ­ҕэлээбиттэрэ киһини улаханнык харааһыннарар. Дьон туһугар киһи сүрэҕэ ыалдьар.

Бу улахан куоракка биэс­тэн киэһээ айаннаатахха, биһиэ­хэ түүн оройугар тахсыбыкка тэҥнээх. Бары дьиэлэригэр олороллор. Уулуссаҕа алҕас биир-икки эрэ киһини көрүөххэ сөп. Саамай кыһалҕа – уу боппуруоһа, чааһынан биэрэллэр эбит. Хаһан бу барыта көнөр, дьэ.

Кировскайга оскуола дириэктэрэ, үөрэх кыһатыгар бүтэһигин сэбиэскэй кэмҥэ эрэ өрөмүөн ыытыллан турардааҕын санаан сонньуйар. Оттон билигин манна чыҥха атын хартыына. Хас да саҥа компьютернай кылаас, аактабай саала болҕомтону тардаллар. Остолобуойдара сабыс-саҥа тэриллэммит. Дириэктэр, дьоммутун хайдах холбуурга, туһанарга үөрэтиэхпитин наада диэн этэр. Буолбакка, бу иннинэ 90-с сыллардааҕы тэрилинэн туттан олорбуттар. Уопсайынан да, куоракка улахан тутуу ыытыллыбатаҕа ырааппыта көстөр. Биир да саҥа дьиэ суох. Ол да буоллар, кировскайдар санаалара күүстээх, эрэл­лэрэ улахан. “Барыта үчүгэй буолуо” диэт, сирэйдиин-харахтыын сырдыыллар, үөрэн мичилиһэллэр. Өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр, министиэристи­бэлэргэ муҥура суох махтаналлар.

*  *  *

Оттон Мариупольга сорох дьиэлэргэ “Ытымаҥ! Дьон олорор” диэн суруктар  ыйанан тураллар. Ону көрдөххө, киһи долгуйар. Барыта этэҥҥэ эрэ буоллар ханнык диэн санаа ааспакка-арахпакка киирэр. Хаһан баҕарар ханнык да хараҥаҕа өрүү сырдык тыгарыгар эрэл улахан буолуохтаах. Ол тэҥэ, манна дьон эйэлээх олох туһугар туохтан да иҥнибэккэ, куттаммакка тардыһарын бэлиэтинэн, киэһээ хойукка диэри үлэ-хамнас тигинээн олороро буолар. Оскуолаҕа уот сандаарар, ту­­тааччылар сүүрэ-көтө үлэлии-хамсыы сылдьаллар, тутуу матырыйаалларын тохтоло суох суох таһаллар, балыыһа өрөмүөннэнэр, суол оҥоһуллар.

 

Ити курдук, суруналыыстар бу айаннарыгар-сырыыларыгар байыастары миэстэтигэр тиийэн көрсөн, кэпсэтэн кэллилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: