Кэбээйи оройуона, төһө да 1937 сыллаахха тэрилиннэр, сэттэ сыл устата хаһыата суох олорбута. “Саҥа олох” диэн ааттаах оройуон хаһыата 1944 сыл ыам ыйыгар бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Онтон “Ленинец” (1963-1993 сс.), билигин “Дабаан” диэн ааттаах (1993 сылтан) улуус хаһыата тахсар.
Ааспыт 80-ча сыл устата хаһыат оройуон устуоруйатын летописеһа буолан, түһүүлээх-тахсыылаах, элбэх эндирдээх олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан тиийэн кэллэ. Хаһыакка араас сылларга элбэх талааннаах суруналыыстар: Григорий Эверстов, Иван Егоров (суруйааччы), Виктор Журавлев, Валентина Буркова, Степан Черемкин, Василий Лактионов, Михаил Слепцов, Михаил Аржаков, Галина Иванова, Григорий Кобяков, Валентина Кардашевская, Татьяна Павлова уо.д.а. үлэлээн ааспыттара, улуус ааҕааччыларыгар үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара.
Хаһыат эрэдээктэрдэринэн Л.И. Бушуев, П.Г. Яковлев, А.П. Харлампьев, С.О. Ники-форов (суруйааччы, фронтовик), Ф.Ф. Суханов, М.С. Винокуров, Т.К. Сущих, Х.Р. Гоголев, В.В. Калашников, В.Л. Ко-ложвари, Д.Я. Эляков, Г.А. Иванов, Н.С. Ылахов айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Бу хаһыакка 38 сыл устата утумнаахтык үлэлээбит, ол иһиттэн 28 сыл устата эрэдээктэрдээбит киһинэн өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас суруналыыһа Иван Афанасьевич Семенов буолар. Кини 1957 сыллаахха «Саҥа олох» хаһыакка С. Буденнай аатынан холкуос ыанньыксыттарын туһунан суруйбут аан бастакы ыстатыйата тахсыбыта.
Оччоттон хаһыаты кытта алтыһан, айымньылаах улахан олоҕун түмүктээтэҕэ. Оннугар тахсар, киһи сөҕөр эрэ. Иван Афанасьевич барахсан, эрэдээксийэтин иһигэр охтон, “Суһал көмөнөн” тиэллэн барыаҕыттан өрүттүбэтэҕэ. 2011 сыл кулун тутарыгар, баччаларга олохтон букатыннаахтык бараахтаабыта.
Сэрии сылларын оҕото
Иван Афанасьевич Семенов 1934 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһун II Лүүчүн нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата кини алта саастааҕар өлөн, эрдэ тулаайах хаалбыта. Ийэтэ үс оҕотун бэйэтэ көрөн-харайан улаатыннарбыта, киһи-хара оҥортообута. Иван сэрии сылларын оҕото буолан, холкуос үлэтигэр адьас кыратыттан миккиллибитэ. 2005 сыллаахха бэйэтин автобиографиятыгар ол туһунан бу курдук суруйбута: «Төрөппүттэрим Жданов аатынан холкуос чилиэннэрэ этилэр. Ол саҕана холкуос устаабын быһыытынан холкуостаах оҕото 14 сааһын туолла да, биир тыла суох холкуос чилиэнинэн буолара. Мин көлүөнэм сэрии сылларын оҕолоро буоламмыт, өй-санаа өттүнэн эрдэ сиппиппит, Кыайыыны уһанса улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ үлэлиирбит. 1945 сыл сайыныгар, оскуола дириэктэрин сорудаҕынан, үөрэнээччилэр биригээдэлэрин салайбытым. Ол туһунан Мастаах начаалынай оскуолатын дириэктэрэ, селькор Дмитрий Мыкычанов оройуон хаһыатыгар суруйбута. 14 сааспыттан холкуос чилиэнэ буоларым быһыытынан, үлэм уопсай ыстааһа 57 сыл буолуохтаах этэ. Ону баара холкуостаахтарга үлэ киниискэтэ диэн суох этэ».
Аҕа дойду сэриитэ кинилэри эмиэ тумнубатаҕа. Ийэтин бииргэ төрөөбүт икки быраата, кыра балтын кэргэнэ сэриигэ барбыттара уонна үһүөн уоттаах сэрии толоонугар охтубуттара. Ол туһунан Иван Афанасьевич 2003 сыллаахха тахсыбыт «Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан» диэн кинигэҕэ суруйан турар.
Орто оскуоланы бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ уонна 1957 сыллаахха бүтэрэн, кулууп үлэтин тэрийээччи-методист идэтин ылбыта. Төрөөбүт нэһилиэгэр кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээн иһэн, ытык иэһин төлүү аармыйаҕа барбыта. 1959 сыллаахха аармыйаттан кэлэн баран, нэһилиэгэр Кыһыл чуумҥа үлэлээбитэ. 1963 сыллаахха комсомол оройуоннааҕы кэмпириэнсийэтигэр райкомол II сэкирэтээринэн талбыттара, эһиилигэр райсовет исполкомун култуураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. 1968 сыллаахха оройуон хаһыатыгар тылбаасчытынан үлэлээн барбыта. Ити сыл СГУ историяҕа салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
Дмитрий Эляков – олохпор оннубун булларбыт киһим
Кини хайдах быһыылаах, хаһан хаһыакка кэлбитин, суруналыыс буолбутун туһунан бэйэтэ маннык кэпсээбиттээх.
– Оччолорго билиҥҥи курдук СГУ анал үөрэхтээх суруналыыстары бэлэмнээбэт этэ. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар «Кыымҥа», «Эдэр коммунистка» МГУ суруналыыстыкаҕа факультетын бүтэрбит биир эмэ киһи баар буолара. Холобур, Дмитрий Кустуров, Федора Егорова (биир дойдулааҕым).
Онон хаһыаттарга, сурунаалларга араас идэлээх. айар үлэҕэ сыһыаннаах, сэбиэскэй-бартыыйынай үлэлэргэ буспут-хаппыт дьон кэлэллэр этэ. Быһата, олох үөһүттэн кэлэллэрэ. Ол биир өттүнэн ордуктааҕа, олоҕу, дьону, үлэни-хамнаһы үчүгэйдик билэллэрэ. Сатаан суруйуу диэн өссө кыра, суруналыыс хайаан даҕаны киэҥ билиилээх-көрүүлээх, дириҥ өйдөөх-санаалаах буолуохтаах, бэйэтин кэмин тыынын сүрэҕин, дууһатын нөҥүө аһарыахтаах.
1967 сыл сэтинньитигэр хаһыат тылбаасчыта Афанасий Афанасьев СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэр буолан, сиэссийэтигэр барбытыгар, эрэдээктэр Д.Я. Эляков миигин быстах кэмҥэ тылбаасчытынан ыҥырбыта. Хаһыат икки тылынан тахсара, онон сахалыы, нууччалыы дэгиттэр үчүгэйдик билэр киһи наада буолбут быһыылааҕа. Сөбүлэспитим. Хаһыатчыт буолар дьылҕам тардан, хаһыат үлэтин тута сөбүлээбитим. Үлэ миэстэтэ көһүннэр эрэ үлэлииргэ быһаарыммытым. Сотору кэминэн тылбаасчыт миэстэтэ тахсыбытыгар үөрүүнэн ылбыттара. Ити курдук, 1968 сыл тохсунньу 19 күнүттэн хаһыат үлэһитэ буолбутум уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн кэллим. Саха суруналыыстыкатын саарына, талааннаах суруналыыс, үрдүк култууралаах үтүө-мааны киһи Дмитрий Яковлевич Эляков хаһыат үлэһитэ буоларбар, ону ааһан, олоххо миэстэбин буларбар улаханнык көмөлөһөн турар. Бастаан тылбаасчытынан, онтон эппиэттиир сэкирэтээринэн, эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбитим, 1978 сылтан ылата эрэдээктэринэн үлэлээн кэллим. Онон суруналыыстыка – олоҕум, дьылҕам эбит.
Былааһы “көҥүл хаһыаттар” ордук ылар буоллулар
Билигин сахалыы тылынан элбэх хаһыат, сурунаал тахсар. Ол үчүгэй. Ол эрэн, «былааһы» көҥүл хаһыаттар ордук ылар курдуктар, элбэх сурутааччылаахтар, ааҕааччылаахтар. Суруналыыстыкаҕа түбэһиэх, сыһыана суох дьон элбээн, сыстан иһэллэрэ кутталлаах. Айар жаанырдар дьадайдылар, репортажтар, уочаркалар суохтарын тэҥэ. Аны суруналыыстыкаҕа, литератураҕа курдук, ордук хото дьахталлар киирдилэр. Холобур, улуустар хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ үксүлэрэ дьахталлар.
Тус бэйэм маны биһирээбэппин. Суруналыыс элбэхтик айанныахтаах, кэлиэхтээх-барыахтаах, көрүөхтээх-истиэхтээх. Бу дьахтар киһиэхэ кыаллыбат суол. Хаһыат үлэтин хас биирдии салаатыгар идэтийии хайаан да наада. Экэнэмиичэскэй үөрэхтээх эрэ киһи экэнэмиичэскэй ырытыылары ааҕааччыга өйдөнүмтүө гына оҥоруон сөп. Бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ ити курдук. Суруналыыс төһө да киэҥ билиилээҕин-көрүүлээҕин иһин, барытын хабар кыаҕа суох. Хаһыат үлэһиттэрин хамнастара аһары намыһах. Кэргэттэрин хайдах аһатарын-таҥыннарарын, иитэрин туһунан санаа ыарыыта оҥостор буоллаҕына, суруналыыс туох көдьүүстээҕи айыаҕай, суруйуоҕай.
Төрөөбүт-үөскээбит улууһум хаһыатыгар өр сылларга үлэлээбиппиттэн, өрүү олох үөһүгэр сылдьан кэлбиппиттэн үөрэбин. Улууһум үүнэрин-сайдарын туһугар сэмэй кылааппын киллэристим дии саныыбын. Иллээх-эйэлээх кэлэктиипкэ дьоллоох киһи үлэлиир эбит. Өр сылларга үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэн бииргэ үлэлээбит дьоммор Наталья Яковлеваҕа, Ирина Слепцоваҕа, Егор Захаровка, Михаил Новгородовка, уо.д.а. дириҥ махталбын тиэрдэбин. Хаан-уруу “Дабааммыт” улууспут дьылҕатын дьылҕа оҥостон, атааннаах-мөҥүөннээх XXI үйэ үрдүк дабааннарын дабайан истин!
Петр Кривошапкин, Василий Иванов,
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…