Суудунаны кумахтан хостуурга үлэ барар

Share

Бэс ыйын 15 күнүгэр Осетрово пуордуттан Өлүөхүмэҕэ баран испит СК-2026 суудуна кумахха олорон хаалбыта. Ол туһунан тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин кэпсээтэ.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

— Киренскэй-Пеледуй аттынан 3063 килэмиэтиргэ уу аалын ыытааччы алҕаһы оҥорон, суудуна кумахха олорон хаалбыта. Кинини таһаарарга 7 суудуна: 3 буксир, 2 устар кыраан, 2 баржа үлэлии тиийдилэр. Билигин суудуна таһаҕаһын сүөкээтилэр. Ол сиргэ уу таһыма 500 см эрэ. Ол эрээри, сыыйа үрдээн эрэрэ бэлиэтэнэр. Бу күннэргэ суудунаны кыайан таһаарбатахтарына, контейнердартан туох баар таһаҕаһын хостоон, атын суудунаҕа тиэйиэхтэрэ, — диэн кини эттэ.

Баржалаах суудунаҕа 3324 туонна араас таһаҕас баар. Ол иһигэр, 32 контейнерга 796 туонна бородуукта, тутуу матырыйаала, комбикуорма баар. Билиҥҥитэ Өлүөхүмэ улууһугар бородуукта тиийбэт буолуутун кыһалҕата суох.

Бу быһылааны «Госморречнадзор» бэрэбиэркэлии сылдьар, ол түмүгэ от ыйын саҥатыгар тахсыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago