«Сууйар» бренд буоларга дьулуһар

Share

Кэлиҥҥи кэмҥэ «Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн бэлиэлээх олоххо-дьаһахха наадалаах тэриллэри, маллары, иһиттэри, аһы-үөлү оҥорон таһаарыы элбээбитэ  харахха быраҕыллар.

Биллэн турар, бэйэ сиригэр оҥоһуллубут, ааттыын да «бэйэ киэнэ» буолара чахчы. Хаачыстыбатын, амтанын, тас көстүүтүн — дууһалыын, ис куттуун ылынаҕын.

Соторутааҕыта ырыынакка «Сууйар» диэн ааттаах убаҕас мыыла араас көрүҥүн  оҥорон таһаарар тэрилтэ баар буолла.

Бу тэрилтэ туһунан билсээри салалтаны кытта болдьоһон хонтуораларыгар тиийбитим, арай кэпсэтиэхтээх дьонум… суохтар. Командировкаҕа баран, хойутаан хаалбыттар үһү. Атыы-эргиэн менеджерэ Анатолий Алексеевтыын дьоммутун кэтэһэ таарыйа, саха ыччата бүгүҥҥү толкуйун сиһилии ырыттыбыт. Эдэр киһи санаата кэскиллээҕин, сырдыгын истэн, испэр олох ыччаттарбытынан киэн тутта олордум. Ол быыһыгар «хайдах бириэмэ болдьоон баран, командировкалана сылдьаллара буолла?» дьоммун кэтэһэн ылабын. Син өр кэтэһиннэрэн баран, уолаттар кэбиниэттэригэр бу баар буола түстүлэр. «Бырастыы гын, тардыллан хааллыбыт…» диэн ис киирбэхтик мичээрдээн ыллылар.  Дьэ, онон сэһэргэһиэхтээх дьоруойдарым интервьюга тоҕо хойутаабыттарын билигин билиэхпит.

«Сууйар» тэрилтэ былырыын арыллыбыт. Балаҕан ыйыгар номнуо биир бастакы бородууксуйа тахсыбыт. Сыыйа дьоруойдарбынаан билсэн бардыбыт. Матвей Томскай — тэрилтэ дириэктэрэ.  Ариан Оконешников — атыы-эргиэн отделын салайааччыта, Анатолий Алексеев — бу салаа менеджерэ. Уонна тирэх киһилэрэ -.Вячеслав Афанасьев.

Тоҕо  тэрилтэ бэрт өйдөнүмтүө биир тылынан  «Сууйар» диэн буолла? Уолаттар бу туһунан маннык быһаардылар.

«Сууйардар» сыаналара атыттардааҕар  быдан удамыр. Онуоха кинилэр оҕустарбаттар дуо?

Биллэн турар, бэйэ дьыатыгар таба тайаныах диэтэххэ, уустуга чахчы. Эдэр дьон бэйэ оҥорон таһаарар дьыалаҕа ылсыахтарын иннинэ, олохторун суола кинилэри эрдэттэн  бу үлэҕэ бэлэмнээбит курдук эбит.

Кэбиниэттэригэр кэпсэтэн баран, салгыы «сууйардар» оҥорон таһаарар сыахтарын көрө таҕыстыбыт. Тахсан иһэн, аара хаһаайыстыбаларын барытын көрдүбүт-иһиттибит.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, «Якутия» технопаарка резиденнэрэ бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, бородууксуйаларын атыылаһан, араас сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэ сылдьаллар эбит.

Биһиги кэпсэтэ сырыттахпытына Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн хаһаайыстыбаннай маҕаһыынтан кэлэн, саҥа оҥоһуллан тахсыбыт сакаас бородууксуйаларын ылан бардылар.

Дьэ, ити курдук былырыын эрэ тэриллибит «Сууйар» тэрилтэ кылгас кэм иһигэр «Саха сиригэр оҥоһулунна» хамсааһын биир биллэр-көстөр брендинэн буолара саарбаҕа суох.

Ол да иһин бары табаардарыгар бу бэлиэ баара киһи хараҕар быраҕыллар.

«Сууйар» тэрилтэ туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат» чэппиэрдээҕи нүөмэригэр сырдатыахпыт. 

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago