Суукка иһигэр 1 ландшафтнай баһаар умуруорулунна
17.05.2023, 10:49

Хаартыска: .sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүҥҥү туругунан Саха сирин территориятыгар уопсайа 861 га иэннээх 22 ландшафтнай (айылҕа) баһаар баара бэлиэтэммит.
22 ландшафтнай баһаартан Нам улууһугар — 9, Мэҥэ Хаҥаласка — 6, Кэбээйигэ — 4 уонна Дьокуускай куорат сиригэр — 3 баар.
Суукка устата Муома улууһугар 13 га иэннээх 1 ландшафтнай баһаар умуруоруллубут.
Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан 5 ойуур баһаара уонна 30 ландшафтнай баһаар бэлиэтэннэ.
Бу баһаардар үксүлэрэ арыы сирдэргэ бааллар, онон нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр кутталы суоһаабаттар. Уоту сэрэҕэ суохтук туттууттан, өртөөһүнтэн барбыттар диэн быһаарбыттар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: