Суукка иһигэр икки ойуур баһаарын умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 0,4 га иэннээх ойуур баһаардарын Алдан уонна Кэбээйи улуустарыгар умуруордулар. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 461 га иэннээх 6 ойуур баһаара уонна 75 га иэннээх 2 ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэннэ.
2 ойуур баһаара Муома улууһугар баарыттан, 5 га иэннээх баһаар бохсулунна. Билиҥҥитэ биирдии ойуур баһаара Уус Маайа, Өймөкөөн, Усуйаана, Алдан улуустарыгар бааллар.
2 ландшафтнай баһаары бэҕэһээ Уус Маайа уонна Булуҥ улуустарыгар буллулар. Биирэ 33 га, иккиһэ 42 га иэннээх сиринэн умайар.
Уоту утары охсуһууга 180 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: