Суукка иһигэр икки ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Ааспыт  сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 0,4 га иэннээх ойуур баһаардарын  Алдан уонна Кэбээйи улуустарыгар умуруордулар. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы   Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Бэс ыйын  27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа  461 га иэннээх  6 ойуур баһаара уонна    75 га иэннээх  2 ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэннэ.

2 ойуур баһаара Муома улууһугар баарыттан,  5 га иэннээх  баһаар бохсулунна.   Билиҥҥитэ биирдии ойуур баһаара Уус Маайа, Өймөкөөн, Усуйаана, Алдан улуустарыгар бааллар.

2 ландшафтнай баһаары  бэҕэһээ Уус Маайа уонна Булуҥ улуустарыгар буллулар. Биирэ  33 га, иккиһэ 42 га иэннээх сиринэн умайар.

Уоту утары охсуһууга   180 киһи уонна  3  тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылга мандарин атыылаһарга туохха болҕомто уурар ирдэнэр?

Саҥа дьылга бэлэмнэнэн сотору Саха сирин олохтоохторо мандарины атыылаһыахтара.  Мандарины атыылаһаргытыгар сирийэн көрүҥ. Өскөтүн мандарин…

30 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

59 минут ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдээһин үлэтэ салҕанар. Ахсынньы 16 күнүнээҕи…

1 час ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

2 часа ago