“Сууккаҕа 24 чаас тиийбэт курдук…”

“Сууккаҕа 24 чаас тиийбэт курдук…”

05.10.2024, 09:30
ХААРТЫСКАЛАР: МАРИАННА ОРДАХОВА ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка Саха гимназиятын үөрэнээччилэрэ күндү учууталларыгар билинии, таптал тылларын этээри,  алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Учуутал аан дойдутааҕы күнүн тулуйбакка күүтэллэр. Биир оннук күндүтүк саныыр  киһилэринэн нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, 6-с «б» кылаас салайааччыта Марианна  Васильевна Ордахова  буолар.

 “Көмөлөһөөччүлэрим – төрөппүттэр”

Марианна Васильевна Дьокуускай куоракка Саха гимназиятыгар 2016 сылтан  нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кини сала­йар  6 «б» кылааһыгар 21 кыыс,  7 уол үөрэнэллэр. Ааспыт үөрэх дьылын 7 оҕо «туйгун» сыананан бүтэрбитэ.

«Төрөөбүт дойдубар ытык иэспин төлөөн, Үөһээ Бүлүүгэ Исидор Барахов аатынан үөрэммит оскуолабар өр сылларга   оҕолору олох киэҥ аартыгар атаартаан баран, олоҕум биир кэрдиис кэмигэр Саха гимназиятыгар үлэлиирбиттэн  олус дуоһуйабын. Валентина Васильевна Софронеева дириэк­тэрдээх иллээх-эйэлээх  кэлэктииппит үөрэҕи сэргэ,  иитэр үлэҕэ  араас тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар.

Миэхэ сүрүн көмөлөһөөч­чүлэрбинэн төрөппүттэрим буолаллар.  Кинилэр  оҕолорун тустарыгар олус  көмөлөһөллөр, ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар. Уопсайынан, Саха гимназиятыгар иитэр үлэ уруккуттан күүскэ ыытыллыбыт буолан, төрөппүттэр  оскуолаҕа быдан  чугастар. Учуутал-үөрэнээччи-төрөппүт ситимэ быһыллыбат», – диэн кылаас салайааччыта үөрэтэр оҕолорун төрөппүттэригэр махтала муҥура суох.

“Биһиги оскуолабытыгар элбэх оҕо улуустартан кэлэн үөрэнэр. Кинилэр саҥа сиргэ  түргэнник үөрэнэллэригэр, бастатан туран, сахалыы эйгэ, сахалыы оскуола көмөлөһөр, бэйэлэрин тылларынан алтыһаллара улахан оруоллаах  дии саныыбын. Учууталлар эмиэ үксүбүт тыа сириттэн силистээх-мутук­таах дьон буоллахпыт, үөрэнээччилэрбитигэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ кыһаллабыт.   Оҕоҕо төһөнөн оскуолаҕа интэриэһинэй,  кини төһөнөн элбэх доҕордоох да, саҥа эйгэҕэ түргэнник үөрэнэр.  Нууччалыы эттэххэ, “психологический комфорт” үөскүүр. Иккиһинэн, оҕо аһа-үөлэ, күннээҕи эрэһиимэ кини доруобуйатыгар, үөрэҕэр эмиэ дьайар”, — диэн Марианна Васильевна санаатын үллэстэр.

Билимҥэ айан

Учуутал уонна кылаас сала­йааччытын сыралаах үлэтин сэргэ, Марианна Васильевна эбии  билимҥэ үлэнэн дьарыктанар. Салайар үөрэнээччилэрэ кэккэ  ситиһиилэринэн  үөр­дэллэр. Үрдүк категория­лаах учуутал биир киэн туттуутунан  8-с кылаас үөрэнээччитэ    Аня Кириллина   В. Вернадскай  аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай институт  Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэтигэр  үс төгүл бастаабыта буолар.

Оҕо уйулҕатын, дьоҕурун эндэппэккэ билэр учуутал Аняны бэһис кылаастан үөрэтэн, үс сыл дьарыктаннылар. Кини аан бастаан үөрэнээччитэ Аня уруһуйдуур талааннааҕын таба көрбүтэ. Бу оҕону сайыннарыахха, сөптөөх суолу тутуһарыгар көмөлөһүөххэ диэн санааттан, кэмпириэнсийэҕэ кыттар тиэмэлэрин толкуйдаабыттара. “Арассыыйа таһымыгар тахсар буоллахха, төрөөбүт тылыҥ, төрүт култуураҥ кэрэхсэбили тардыаҕа” диэн санааттан бастаан саха остуоруйаларын ырытан көрбүттэрэ. Онтон дьэ олоҥхону талбыттара. «Эрчимэн Бэргэн» тиэмэтэ оҕолорго олус чугас буолан биэрбитэ.

Кылаас салайааччыта үөрэ-көтө бэлиэтииринэн, дьоҕурдаах, талааннаах оҕолор оскуолаҕа элбэхтэр, чуолаан билигин салайар 6-с кылааһыгар эмиэ 4 оҕо куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ кыралаан бастакы хардыыларын оҥорон,  призер буолла.

Волонтер-учуутал

Биллэрин курдук, билигин оҕону  уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан патриотическай тыыҥҥа иитии үлэтэ барар.

Марианна Васильевна былырыын «Алмаас­эргиэнбаан» «Дети-волонтеры Саха» уопсастыбаннай хамсаа­һын бырайыагар  кылааһын үөрэнээччилэрин кытыннарбыта. Үөрэнээччилэрэ  бырайыак араас хайысхатынан кыттан, төрөппүттэрин уонна учууталларын кытары бэйэлэрин кылаат­тарын киллэрсэн, үтүө дьыалаҕа кыттыһа сылдьаллар.

Волонтер-учуутал  бу туһунан маннык санаалаах:

«Мин санаабар, баҕа өттүнэн уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа кыттыы олус наадалаах. Оҕолор  дьоҥҥо сыһыаннара уларыйар, эйэҕэс-сайаҕас, аһыныгас буолаллар,  Ийэ дойдуларын таптыыллар, харыс­тыыллар, үрүҥү-хараны, үчүгэйи-куһаҕаны  араара үөрэ­нэллэр».

Марианна Ордахова волонтердар баҕа өттүнэн хам­сааһыннарыгар киирэн, байыан­най дьайыыга сылдьар саллааттары өйөөн, көмөлөһөн араас аахсы­йаҕа кытталлар: хатыллыбыт сабы, саһыарар сиэккэни оҥороллорун таһынан гуманитарнай көмөнү хому­йууну, аахсыйалары ыыталлар.  Байыаннай дьайыыттан кэлбит байыастары эмиэ болҕомто таһыгар хаалларбаттар. Докумуоннарын, дьиэлэрин-уоттарын сөргүтэллэригэр, адаптацияны ааһалларыгар, араас кыһалҕаларын быһаар­таралларыгар көмөлөһөллөр. Ыарыйдахтарына аҥаардас эйэҕэс сыһыаннарынан, киһини уоскутар тылларынан, ас астаан да илдьэн, санааларын көнньүөрдэллэр.

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим интэриэһэ элбэх,  араас дьарыктарга сылдьан  куруук бэ­­йэтин сайыннарар, билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр. Кини – үлэлиир гимназиятыгар муусука учуутала Надежда Васильевна Васильева сала­йар “Сайдыына” вокальнай ансаамбыл уонна  ырыаһыт Дьол Сандаара салайар “Ырыа кынат” ансаамбыл  көхтөөх кыттыылааҕа.

“Куһаҕантан эмиэ үөрэнэҕин…”

Учуутал үтүмэн үлэтин таһынан маннык уопсастыбаннай үлэни хаһан ситэн оҥорорун ыйыталаспыппар сэһэргэһээччим сирэйдиин-харахтыын сырдаан олорон:

«Билиҥҥи кэмҥэ олох ирдэбилэ дии саныыбын. Байыаннай дьайыы кыттыы­лаахтарыгар   көмөлөһөр амарах санаалаах киһи  элбэх, биһиги эрэ буолбатахпыт. Куорат уокуруктарыгар барыларыгар көмөлөһөр, өйүүр бөлөхтөр, түмсүүлэр бааллара киһини үөрдэр, кыайыыны түргэнник уһансарга кынаттыыр. Мин Строительнай уокурукка олоробун, уокуругум  дьахталларын сэбиэтигэр бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Манна  эмиэ элбэх хайысхалаах үлэни,  аахсыйаны ыытабыт, көмөбүт  элбэх. Аҥаардас байыаннай дьайыыга эрэ буолбакка, баһаарга, халаан содулугар,  олох араас ыарахаттарыгар түбэспит уонна  кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо, төһө кыайарбытынан, көмөлөһөбүт.

Учуутал киһи сүрүн санаата, олоххо сыһыана итинник буолуохтаах дии санаабын.  Бэйэҥ үтүө дьыаланы оҥороруҥ уонна  онно дьону көҕүлүүрүҥ син биир иитэр үлэҕэ тэҥнэһэр.

Бэйэбит да оннук сааспытыгар кэллибит быһыы­лаах. Олох олорон истэҕиҥ аайы өссө туох эрэ сонуну, кэрэхсэбиллээҕи бэйэҕинэн билиэххин баҕараҕын. Сүрүнэ,  дьону кытары элбэхтик алтыһан, оҕо буоллун, кырдьаҕас буоллун – кинилэртэн элбэҕи билэҕин, мындыр буолаҕын. Үчүгэйгэ тардыһар киһи үгүс. Бэл, куһаҕантан киһи үөрэнэр.

Мин санаабар, киһи төһөнөн элбэх доҕордоох да, оччонон дьоллоох дииллэрэ кураанах тыл буолбатах. Мин олохпор араас балаһыанньаҕа киирэн тахсыбытым… Доҕотторгор, билэр-билбэт дьоҥҥор  үчүгэйдик сыһыаннаһар буоллаххына, дьон эйиэ­хэ эмиэ оннук сыһыаннаһар. Эн үтүө дьайыыҥ хардата хас да сыл ааспытын кэннэ син биир эйиэхэ барыта төттөрү кэлэр. Сарсыҥҥыны тымтыктанан көрбүт суох дииллэринии, сарсын  туох буоларын билбэккин, ол гынан баран, үлэ үөһүгэр, дьон ортотугар сырыттаххына, барыта  бэйэтэ-бэйэтиттэн сааһыланан тахсан иһэр.

Биир күммүт наһаа элбэх түгэннэртэн турар, тугу эрэ тэрийиэҥ, кыттыаҥ иннинэ син биир эрдэттэн толкуйдуугун. Ыллыҥ да тута оҥорон барбаккын. Ол иһин кыратык уоскуйа, чуумпура, бэйэҕин иһиллии түһэргэ бириэмэ эмиэ наада. Онуоха  үчүгэй муусуканы истэбин, сөбүлүүр  дьарыкпар кыра да бириэмэбин аныыбын, кинигэ ааҕабын, Национальнай бибилиэтэкиэҕэ элбэхтик сылдьабын,  айылҕаҕа сынньанабын”, – диэн олоҕу көрүүтүттэн үллэстэр.

ххх

Ордаховтар түөрт: икки уол, икки кыыс оҕолоохтор. Улахан уоллара юридическай кэллиэһи бүтэрбитэ. Улахан кыыс “Мегафоҥҥа” отдел начаалынньыгынан үлэлиир. Кыра кыыстара -– Муусука үрдүкү оскуолатыгар, кыра уоллара тохсус кылааска үөрэнэллэр. Ордаховтар күннэрэ-ыйдара тахсар сиэннэрдээхтэр.

+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: