Салгыы
Суукка устата 105 тыһ. га иэннээх 8 ойуур баһаарын умуруордулар

Суукка устата 105 тыһ. га иэннээх 8 ойуур баһаарын умуруордулар

08.08.2024, 15:00
Хаартыска: Галина Мозолевская, СИА.
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа 105 тыһ. га тахса иэннээх 8 ойуур баһаарын умуруордулар: Алдан — 3, Дьааҥы — 1, Бүлүү — 1, Кэбээйи — 1, Мииринэй — 1, Нерюнгри – 1 улуустарыгар. Бу туһунан Авиалесоохрана начаалынньыга Владимир Леонов бүгүҥҥү брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Ону кытта 3 тыһ. га иэннээх 4 айылҕа уонна 5 ойуур баһаардарын булбуттар. Уоту кытта охсуһааччылар Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар 49 тыһ. га тахса иэннээх 8 ойуур баһаарын умуруордулар.

Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ 14 улууһугар барыта 66 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр:  Абый, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Сунтаар уонна Усуйаана.

Баһаары умуруорууга барыта 1 680 киһи, 166 тиэхиньикэ үлэлиир.

Баһаар саҕаланыаҕыттан 2 399 783,91 га иэннээх 849 ойуур баһаарын умуруордулар.

Субъект сиригэр-уотугар федеральнай уонна эрэгийиэн ойуурдарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салгыы үлэлиир. Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү,  Горнай, Кэбээйи, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллибитэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: