Суукка устата 23 ойуур баһаарын умуруорбуттар
Ааспыт сууккаҕа 24 130 га уопсай иэннээх 23 ойуур баһаарын уонна 2,2 га иэннээх 1 айылҕа баһаарын умуоруорбуттар. Бу туһунан брифинг кэмигэр Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ.
Миниистири солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, 1 751 га иэннээх 6 ойуур саҥа баһаара бэлиэтэммит. Саха сиригэр бүгүҥҥүтэ 213 421 га иэннээх 53 ойуур баһаара баара биллэр. Билигин 199 356 га иэннээх 33 баһаары умуруораллар. 50 тыһ. га кэриҥэ иэннээх 8 баһаары бохсорбуттар. “Баһаары умуруорууга 1268 киһи кыттар. 37 ойуур баһаарын тиэхиньикэтэ уонна авиация сыһыарыллыбыта. Баһаары утары оһуобай эрэсиим уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр олохтоммута”, — диэн Андрей Коноплев бэлиэтиир.
Суукка устата үөһэттэн кэтээн көрүүгэ 6 уонна баһаары умуруорууга 7 салгын суудунатын туһаммыттар. Суһал ыстаап чахчытынан, баһаар тахсар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 1,5 мөл. га иэннээх 765 ойуур баһаара бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 6,2 мөл. га иэннээх 1489 баһаар турбут.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: