Суут уурааҕынан «Инаглинский» ГОК 90 сууккаҕа үлэтин тохтотто

Share

Ахсынньы 17 күнүгэр Нерюнгритааҕы суутунан «Инаглинскайдааҕы хайа-байытар комплекс» тэрилтэ административнай сокуону кэһиигэ буруйдааҕынан ааҕылынна уонна 90 сууккаҕа болдьоххо үлэтин тохтоторго уураахтанна.

Суут быһаарыытынан, бу сыл ахсынньы 13 күнүгэр Ленскай управлениетын Ростехнадзор Соҕурууҥу горнотехнологическай отделын начаалынньыга куттал суох буолуутун эйгэтигэр булгуччулаах нуормалары уонна быраабылалары кэһиигэ буруйданна, чуолаан, хайа баайын хостооһунугар шахта үрдэ алдьаммыт, ол түмүгэр үлэһит баттатан суорума суолламмыт, сөптөөх силиэстийэ ыытыллыбатах, маннык түбэлтэлэри туоратарга анал тэрээһиннэр ыытыллыбатахтар.

«Инаглинский» ГОК бэрэстэбиитэлэ административнай сокуону кэһии тахсыбыт чахчытын мэлдьэспэтэ. Сокуону тутуһуу ирдэбилин толорууга сөптөөх докумуоннары туттарбатах. Уураах сокуоннай күүһүгэр киирэ илик бу туһунан СӨ Сууттарын холбоһуктаах пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Эн өрүү өйбүтүгэр сырдыыгын, эн өрүү сүрэхпитигэр ыллыыгын»

Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" СК дэгиттэр талааннаах баянист, драма артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Д.К. Кычкин төрөөбүтэ 80…

10 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Буһан-хатан хомуллан, киһи сайдар арыллан…

Тыйаатырдарга, ордук чуолаан норуодунай тыйаатырдарга, үүнүү-сайдыы, ситии-хотуу бэлиэтэ классическай айымньыны туруоруу буолара мөккүөрү үөскэппэт. Классическай…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С.Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс, саатар,…

50 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хабаровскай кыраайга бэйдиэ сылдьар ыттартан дьахтар суорума суолланна

Хабаровскай кыраай Ванинскай оройуонун Октябрьскай бөһүөлэгэр 68 саастаах дьахтар өлбүтүн дьиэтин таһыттан булбуттар.  Дьахтарга ыттар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 25 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, соҕуруулуу-илин өттүгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылын бэлиэтээтэ

Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин…

13 часов ago