Судаарыстыбаннай Дуума оптуорунньукка, бүтэһиктээх ааҕыыга сууттаммыт уонна сулууспалыыллара быстах кэмҥэ хааччахтаммыт дьон байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсэр сокуоннарын барылын ылынна. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Сокуон барылыгар ыйылларынан, хомуур, байыаннай балаһыанньа уонна байыаннай бириэмэ кэмигэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр сулууспалыыр хантараагы дьыалалара сабыллыбыт буруйдарын боруостаабыт дьон, ону тэҥэ, сууттаммыттар (ыар уонна ураты ыар буруйу оҥорбуттартан ураты), өскөтүн барыллаан силиэстийэлэрэ тохтообут кыра уонна орто буруйу оҥорбуттар түһэрсиэхтэрин сөп. Маннык хантараахтары түһэрсиини РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ быһаарыаҕа.
Итини таһынан, докумуоҥҥа олоҕуран, хантараагы байыаннай сулууспаҕа быстах хааччахтаах дьон түһэрсэр кыахтаммыта ыйыллар.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…