Суутунан нэһилиэк баһылыгыттан кирэдьиит иэһэ ирдэннэ

Share

СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларыгар кэллиэгийэтэ Усуйаана улууһун суутун быһаарыытын оннунан хаалларда.

Ол курдук, «Арктикатааҕы эргиэн-логистическай хампаанньа» АХ уонна Омолой национальнай нэһилиэгин баһылыга 2 607 414 солк.  харчы кирэдьиит иэһин уонна 21 237 солк. судаарыстыбаннай түһээни толору төлүөхтэрэ.

Суут быһаарыытынан, былырыын кулун тутар ыйга «Арктикатааҕы эргиэн-логистическай хампаанньа» АХ уонна Омолой национальнай нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу кирэдьиит ыларга икки ардыларыгар «поручитель» буоларга дуогабар түһэрсибиттэр. Ол эрээри 2 607 414,55 солк. суумалаах кирэдьиит харчыны иэс ылааччы хампаанньа бу сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри кыраапык быһыытынан төлүүр усулуобуйатын толорботох. Итинэн сибээстээн иэс ылааччы сөбүлэһии усулуобуйатын кэспитэ билиннэ.

Сокуон ирдэбилинэн түһэрсиллибит дуогабарынан «поручитель» эмиэ кирэдьиит иэһин толору төлүүр эбээһинэстээх. Ону таһынан кирэдьиит иэһин бырыаһыана эмиэ «поручительга» сүктэриллэрэ быһаарылынна.  Баһылык солбуйааччыта суут бастакы инстанциятын быһаарыытын кытта сөбүлэспэтэх уонна апелляционнай үҥсүү түһэрбит. СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларыгар кэллиэгийэтэ дьыала матырыйаалларын үөрэтэн баран, бастакы инстанцияҕа суут быһаарыытын уларытыыта суох хаалларда, үҥсүүнү ылыммата. Бу туһунан Саха сирин сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
1
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа дьыл түүнүгэр 1988 сылга бэлиэтэммит тымныы хатыланыа

Ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиригэр тымныы өссө күүһүрүө. Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр ордук тымныы буоларын сылыктыыллар. Дьокуускайга…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Уһун өрөбүллэргэ маастар-кылаастарга сылдьыҥ

Е. Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы түмэлгэ ахсынньы 28 күнүттэн тохсунньу 13 күнүгэр диэри маастар-кылаастар, тиэмэлээх экскурсиялар…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Подъезка утуйан туран харчытын уонна төлөпүөнүн уордарбыт

Дьокуускайга полицейскайдар 36 саастаах эр киһини туттулар. Бу киһи ыаллыы олорор подъезка утуйа сытар киһиттэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 334 бырайыак кыайыылааҕынан ааттанна

Саха сиригэр 2025 сыллааҕы олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Куонкурус сайаапкаларын бу сыл…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Видео: Өлүөхүмэҕэ ОДьКХ үлэһиттэрэ оҕолору Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтилэр

Саха сиригэр социальнай ситимнэринэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы биллэр угуйугу санатар Саҥа дьылынан оҕолору эҕэрдэлиир видео тарҕанна. Бу…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аны саас төрүт култуура чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

2025 сыл сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Будущие носители “Идэтийии” төрүт култуураҕа идэтийбит маастарыстыба I чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. [gallery…

8 часов ago