“Свердлов тохтобула” сабыылаах
Дьокуускайга оптуобус сылаас тохтобуллара хайдах үлэлииллэрин манна ааҕыҥ.
Таһырдьа тымныы сибикитэ биллэн эрэр. Дьокуускай олохтоохторо сылаас тохтобулларга киирэн, оптуобуһу кэтэһэр буоллулар. Ол эрээри, сорох тохтобуллар ыбылы хатааһыннаах, түннүктэрэ-үөлэстэрэ бүөлэнэн турар.
Холобура, “Свердлов уулусса итии тохтобула” оннук хатанан турар. Тоҕо хатаабыттара буолла? Киһи барыта кэлэн тардан көрөр. Тохтобул үлэлиир да түгэнигэр, манна киирэргэ олус халтараан буолууһу. Маһы лаахтаабыттар дуу эбэтэр мас буолбакка, туох эрэ искусственнай матырыйаалынан дуу тэлгэппиттэр.
Онон Дьокуускай куорат салалтата сылаас тохтобуллар хайдах үлэлии туралларын көрүөн наада. Таарыйа оптуобустар да сырыыларын бэрэбиэркэлииллэрэ буоллар. Билиҥҥитэ 20, 14 нүөмэрдээх, олус чаастатык сылдьар оптуобустары ситээччи суох курдук. Бары итинник үлэлээтэллэр абыраллаах буолуо этэ.
Хаартыска: оптуобус тохтобула
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: