Светлана Диодорова-Лаврентьева: «Бу барыта — норуот көмөтө! »
Байыаннай дьайыыга норуот күүһүнэн элбэх көмө оҥоһуллар. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха сирин дьонун күүһэ – сомоҕолоһууга, түмсүүгэ буоларын байыаннай дьайыыга көмөлөһүү көрдөрдө.
Ол курдук өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан нэһилиэнньэ баҕа өттүнэн көмөтө, аһа-үөлэ, таҥаһа-саба быыстала суох, тиһиктээхтик Дьокуускай куоракка кэлэ турар, салгыы наарданан Москва, Санкт-Петербург, Хабаровскай, Владивосток куораттарынан госпиталларга сытар уолаттарбытыгар тиийэр.
Бу күннэргэ эмиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева улуустартан ыыппыт астарын тутан, тус-туспа наардаан, бэрийэн, суулаан бэлэмнии сылдьар.
«Госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарга ас-таҥас ыытан өйүүр бар дьоммутугар барҕа махтал буоллун! Манна Чурапчы, Кэбээйи, Бүлүү, Ньурба, Таатта, Нам улуустара ыыппыт астара, Успуорт министиэристибэтин үлэһиттэрэ хомуйбут таҥастара бааллар. Биирдии дьааһыгы хастыы да хос стрейч-пленканан суулуубут, өссө бөҕөргөтөн хос скотчтуубут, быалыыбыт, бэлиэтиибит. Иһигэр туох баарын, хас киилэлээҕин суруйабыт. Бааһырбыт саллааттар дойдуларыттан иҥэмтиэлээх аһы олус күүтэллэр. Бу баартыйа түөрт куоратынан Москва, Санкт-Петербург, Хабаровскай, Владивосток тарҕаныаҕа», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева махталын биллэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: