Светлана Диодорова-Лаврентьева: «Туора-маары тылласпакка, барытын сөпкө өйдүүллэригэр баҕарабыт»

Светлана Диодорова-Лаврентьева: «Туора-маары тылласпакка, барытын сөпкө өйдүүллэригэр баҕарабыт»

Ааптар:
29.11.2022, 16:20
Бөлөххө киир:

«Биһиги, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттардаах ийэлэр, олунньу 24 күнүттэн утуйар уубут барыта көппүтэ. Ити кэмҥэ Ыйаах тахсыан иннинэ уолаттарбыт инники кирбиигэ киирэн тахсыбыттара. Ол долгуйуута, кинилэри күүтүү, кэтэһии, түүннэри төлөпүөн тутан баран сытыы… Оҕо саҥатын истээри хастыы эмэ ыйы тулуйуу. Биһиги ону аастыбыт. Этэргэ дылы, уолаттарбытын кытта окуопаҕа тэҥҥэ сытабыт. Ийэ киһи долгуйар долгуйуута – оҕото сылаастык таҥнан, аһаан-сиэн, этэҥҥэ сылдьан, тыыннаах дойдутугар эргиллэригэр баҕарыыта. Кистэл буолбатах, кыраныыссаҕа баран оҕолорун көрсүбүт ийэлэр бааллар, бэйэм эмиэ оннук бара сылдьыбытым. Ол сырыы манан аҕай сырыы буолбатах этэ. Ханнык даҕаны ийэ оннук сырыыны билиэн баҕарбаппын», — диир саллаат ийэтэ Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева.

— Ким даҕаны биһиги олохпутугар бу курдук буолуо диэн түһээн да баттаппатах буоллаҕа. Оттон маннык быһыы-майгы кэлэн хаалбытын хайдах гыныахпытый… Билигин саамай сүүрэр, кыһаллар хайысхам — эчэйэн, доруобуйалара эмсэҕэлээн кэлбит саллааттарга көмөлөһүү буолар. Бэйэм уолум маннык балаһыанньаҕа түбэһиитин, эдэр уолаттар, эр дьоннор хайдах сымыһахтарын быһа ытыран ыарыыны тулуйа сыталларын, дойдуларыттан кэлбит дыргыйар сыттаах кып-кыра кырбас эти көрөн, сыттаан-сыллаан ылыыларын илэ көрбүтүм. Ийэ сүрэҕэ барытын уйар, тулуйар буолар эбит. Кэргэмминээн иккиэн бу дьоммутугар көмө буолан, ас, таҥас таһабыт. Субу эмиэ пуорка 350 киилэ ас уонна таҥас кэлбитин ыла киирээри олоробут.
Москваҕа СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин иһинэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьоммутугар көмөлөһөр Киин тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ көмөтүн сэргэ төрөппүттэр, кэргэннэр өттүлэриттэн хамсааһын эмиэ баар буолуохтаах диэн “Саха волонтер” хамсааһыны тэрийбиппит. Хамсааһын үлэтигэр Москваҕа олорор ийэлэр, аҕалар үлэлэрин быыһыгар ас астаһан, саллааттары бүөбэйдэһэн, сүүрэ-көтө, кыһалла сылдьаллар. Бу сааскыттан ыла итинник хамсааһын бара турар буолан, уолаттарбыт кэм атахтарыгар тураллар.
Бастаан биһиги кэпсээбэт этибит, көҥүллэммэт да этэ. Онтон ити «Талбан» биэриигэ тахсыбытым кэннэ дьон хараҕа аһыллан буоллаҕа дуу, билигин дьон сибээскэ тахсан, көмөлөһө сатыыр буоллулар, ол быыһыгар өйдөөбөт дьоннор эмиэ бааллар. Холобура, итиччэлээх элбэх ас ханна барарый, Москваҕа ханна эрэ баран бэйэлэрэ аһыыллара-сииллэрэ буолуо диэн өйдөбүллээх дьоннор бааллар. Итинник тыллаах-өстөөх дьон оҕолоро, бу уолаттар курдук, эчэйэн сыталлара эбитэ буоллар, олох атыннык саҥарыахтара, толкуйдуохтара этэ дии саныыбын. Хайа баҕарар алдьархай киһи дьиэтигэр кэлэн тоҥсуйдаҕына, биирдэ өйдөнөр. Дьоммор-сэргэбэр бука диэн көрдөһүөм этэ: мээнэ тылласпакка, бу сытар уолаттарга, ийэлэргэ, аҕаларга, дьиэ кэргэннэргэ өйөбүл, көмө, өрүһүлтэ буолуҥ диэммин. Оҕолоро эчэйиини ылан сытар биитэр олохтон туораабыт, эбэтэр оҕолорун сүтэрэ сылдьар ийэлэргэ, аҕаларга болҕомтолоох буолуҥ диибин.
Бааһырыыны ылан сытар уолаттардаах төрөппүттэргэ били доп-доруобай, чэгиэн ыыппыт оҕоҥ бу маннык балыыһаҕа сытарын көрөр саҕа ыарахан суох. Элбэх киһи миэхэ сибээскэ тахсар. Азиаттар бааллар диэтэхтэринэ, комаҕа сытар уолаттары сахалар буолуо диэн кэргэмминээн киирэн көрөбүт. Манна оҕолорун ыарыылыы сылдьар ийэлэр, тыа сирин боростуой саха дьахталлара, бааллар. Биһиги бу аҕалар аспытыттан Постпредствоҕа кэлэн астаан, уолаттарга илдьэллэр. Арассыыйаҕа ханна байыаннай госпиталлар баалларый даҕаны, онно барытыгар биһиги саха уолаттарбыт бааллар. Онон бу кэлэр эт-ас ханна да энчирээбэккэ, тустаах уолаттарбытыгар тиэрдиллэ турар. Холобура, сорох оҕолор эти кыайан ыстаабаттар, ону фарш көрдөһөн буллахпытына, оннугу син аһыы сатыыллар. Сорохтор диеталаахтар, онон онно сөптөөх аһы ыытабыт.
Ити курдук бэйэбит тугу сатыырбытынан, кыанарбытынан, ийэ сүрэҕэ тугу этэринэн сирдэтэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ол барыта — оҕо туһугар, уолаттарбыт, саллааттарбыт тустарыгар. Сорох дьон туора тылласпакка, маны сөпкө өйдүүллэригэр баҕарабыт – бассаабынан ол-бу куһаҕан суруйуулары ааҕар бу сүүрэ-көтө сылдьар тустаах дьоҥҥо наһаа ыарахан эбээт! Туох көмө нааданый диэн сибээскэ тахсар, бэйэбит бородууксуйабытын, эт, балык ыыттыбыт диэн көмөлөһөр дьоҥҥо улахан махталбытын тиэрдэбит. Холобура, анал каартаҕа кыра да буоллар көмө харчы ыыталлар. Оҕолор уулаах, бадарааннаах окуопаттан, уот ортотуттан госпиталга таҕыстахтарына, таҥастарын устан ылан быраҕаллар. Ол иһин ити норуоттан киирбит харчынан хаттаан саҥа таҥас-сап атыылаһан, таҥыннарарга тиийэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: