Салгыы
Светлана Диодорова-Лаврентьева: “Уйулҕа үлэһиттэрин көмөтө харахха көстөр”

Светлана Диодорова-Лаврентьева: “Уйулҕа үлэһиттэрин көмөтө харахха көстөр”

21.02.2023, 09:25
Хаартыска: Светлана Диодорова-Лаврентьева.
Бөлөххө киир:

Анал байыаннай дьайыы кэмигэр ким да, ханнык да тэрилтэ туора турбата. Бааһырбыт, санааҕа баттата сылдьар байыастарга уйулҕа үлэһиттэрэ улаханнык көмөлөһөллөр. Сөптөөх, истиҥ тылы булан атахтарыгар туруораллар. Бу туһунан Саха сирин Аҕа дойуларын көмүскээччилэрин дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьева кэпсиир.  

“Бу күннэргэ Владивосток, Уссурийскай, Сергеевка, Хабаровскай байыаннай чаастарыгар сырыттыбыт. СӨ Доруобуйатын харыстабылын лииньийэтинэн Саха сириттэн икки клиническэй уйулҕа үлэһитэ (психолог) кэлэн үлэлээтилэр. Бааһырбыт байыастар ийэ тылларынан саҥарар  уйулҕа үлэһиттэрин көмөлөрүгэр олус наадыйаллар эбит. Сорохторго хастыыта даҕаны сырыттылар. Чахчы туһаммыттара харахтарыгар көстөр, киһи бэлиэтии көрөр. Онон бу быраактыка бэрт туһалаах эбит диэн түмүккэ кэллим.

Маны сэргэ, СӨ Ыччат бэлиитикэтин иһинэн үлэлиир уйулҕа киинэ байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрин, дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлэһэр. Бу курдук икки өртүттэн сөҥнөһөн үлэлээтэхпитинэ табыллыыһы, барыта этэҥҥэ буолсу”, — диэн санаатын үллэстэр.

Хаартыска: Светлана Диодорова-Лаврентьева.

Санатан эттэххэ, Уһук Илин госпиталларыгар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһүү олунньу саҥатыттан саҕаламмыта. Биригээдэҕэ Саха сирин үрдүк таһымнаах уйулҕа үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Исписэлиистэр бу барыыларын байыаннай сулууспалаахтар бэйэлэрин баҕаларынан, чопчу биһиги өрөспүүбүлүкэбит исписэлиистэрин сүбэтин ылыахтарын баҕаралларын иһин тэрийбиттэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: