“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Өрөгөй өрүөллэргэ
Дойду чулуу урааҥхайдара,
Дурда-хахха уоланнара,
Хорсун-хоодуот хотойдоро,
Хоһуун бэртэрэ эһиги.
Түргэн туттуулаах,
Тостубат санаалаах,
Эйэлээх олоҕу түстэһэр,
Эр бэртэрэ, эһиги.
Кыайыыны уһансар,
Кэскили түстэһэр,
Өрүөлтэн өрүөллэрэ,
Өрөгөй саргылара, эһиги.
Ийэ дойду хоһууннара,
Истигэн, иһирэх хоодуоттара,
Үтүмэн үөрүү аргыстара,
Үтүөкэн бэртэрэ, эһиги.
Кыайыы кынаттанан эргиллиҥ,
Кыайыы көтөллөнөн кэлээриҥ,
Күүтүөхпүт эрэнэ, эһигини,
Үрдүктүк үөрүүнэн көрсүөхпүт.
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…
Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…
СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, СӨ Ил Дарханын…
Быйыл ахсынньы 15 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн эдэрдэрэ, сахалыы комедия жанрын олохтообут драматург, саха уонна…
Үүнэр сылга социальнай эйгэҕэ саҥа көмө миэрэлэрэ киириэхтэрэ уонна босуобуйалар, төлөбүрдэр суумалара индексацияланан, үрдүөҕэ. Тоҕо…
“Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи билим кэмпириэнсийэ-куонкурустара 1996 сылтан ыытыллар. Үбүлүөйдээх 30-с тэрээһин тохсунньу 12-14…