“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Өрөгөй өрүөллэргэ
Дойду чулуу урааҥхайдара,
Дурда-хахха уоланнара,
Хорсун-хоодуот хотойдоро,
Хоһуун бэртэрэ эһиги.
Түргэн туттуулаах,
Тостубат санаалаах,
Эйэлээх олоҕу түстэһэр,
Эр бэртэрэ, эһиги.
Кыайыыны уһансар,
Кэскили түстэһэр,
Өрүөлтэн өрүөллэрэ,
Өрөгөй саргылара, эһиги.
Ийэ дойду хоһууннара,
Истигэн, иһирэх хоодуоттара,
Үтүмэн үөрүү аргыстара,
Үтүөкэн бэртэрэ, эһиги.
Кыайыы кынаттанан эргиллиҥ,
Кыайыы көтөллөнөн кэлээриҥ,
Күүтүөхпүт эрэнэ, эһигини,
Үрдүктүк үөрүүнэн көрсүөхпүт.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһиттибит. Түгэнинэн туһанан, “Чурапчы” ТХПК…
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев Ил Дархан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр бэйэтин санаатын…
Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайыытыгар ыам ыйдааҕы Ыйаахха киирсибэтэх бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнаска былааннаммыт үрдээһини …
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта: -Ил Дархан Туһаайан этиитигэр бырамыысыланнаска, экэниэмикэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар ылыллыбыт…
Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр бырамыысыланнас салаатын тэрилтэлэрэ социальнай…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Дархан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр …