“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Өрөгөй өрүөллэргэ
Дойду чулуу урааҥхайдара,
Дурда-хахха уоланнара,
Хорсун-хоодуот хотойдоро,
Хоһуун бэртэрэ эһиги.
Түргэн туттуулаах,
Тостубат санаалаах,
Эйэлээх олоҕу түстэһэр,
Эр бэртэрэ, эһиги.
Кыайыыны уһансар,
Кэскили түстэһэр,
Өрүөлтэн өрүөллэрэ,
Өрөгөй саргылара, эһиги.
Ийэ дойду хоһууннара,
Истигэн, иһирэх хоодуоттара,
Үтүмэн үөрүү аргыстара,
Үтүөкэн бэртэрэ, эһиги.
Кыайыы кынаттанан эргиллиҥ,
Кыайыы көтөллөнөн кэлээриҥ,
Күүтүөхпүт эрэнэ, эһигини,
Үрдүктүк үөрүүнэн көрсүөхпүт.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…