Светлэйгэ тайах оҕотун буллулар

Share

Ыам ыйын 24 күнүгэр Мииринэй оройуонун Светлэй бөһүөлэгин аттынааҕы суолга тайах оҕото соҕотох сылдьарын булбуттара. Кинини полиция участковайа Артур Елизаров булан, дьиэтигэр аҕалбыта.

Хаартыска: Биологическай ресурсалар, ураты харыстанар сирдэр, айылҕа пааркаларын дирекцията.

Тайах оҕото тыһы, төрөөбүтэ 1-2 эрэ күн буолбут бадахтаах, ийэтэ суох. Сабаҕалааһынынан,  ийэтин тыатааҕы тардыбыт буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ ыҥаах ойуурга соҕотох хаалан, тыыннаах ордубат, онон кинини “Живые алмазы Якутии” айылҕа пааркатын үлэһиттэригэр туттардылар.

Сотору кэминэн Светлэй олохтоохторо киниэхэ аат толкуйдуохтаахтар. Үгүс олохтоохтор тайах оҕотун дьылҕатын туһугар долгуйаллар. Ол да буоллар, ыҥаах туруга үчүгэй, үүтү иһэр. Кырата бэрт буолан, дьонтон куттаммат. Паарка үлэһиттэрэ кинини кыһамньылаахтык көрөллөр-харайаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago