«СВОи родные» быыстапкаҕа 30 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта

Share

«СВОи родные» быыстапка иитинэн Национальнай бибилэтиэкэҕэ дойдуга бэриниилээх буолуу уруоктара салҕаналлар.

Бибилэтиэкэ 2023 сылтан «СВОи родные» быыстапканы тэрийэн ыытар. Бу кэм устатыгар быыстапкаҕа 30 тыһ.тахса киһи сылдьыбыта бэлиэтэнэр. Быыстапка сүрүн сыала — олохторун толук уурбут байыастары кэриэстээһин уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ сүгүрүйүү бэлиэтэ.

Быйыл олунньу 28 күнүгэр «Время выбрало нас» диэн быыстапка түһүмэҕин үөрүүлээхтик аһыы буолбута. Быыстапка сыала-соруга — Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ сүгүрүйүү уонна олохторун толук уурбут байыастары кэриэстээһин, ону сэргэ, байыаннай дьайыы туһунан кэпсээһин», — диэн Национальнай бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ Анна Павлова бэлиэтиир.

Быыстапкаҕа 50-тан  тахса эспэнээт туруоруллубут. Олор ортолоругар — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын тус маллара-саллара, ол иһигэр Арассыыйа Дьоруойдарын Дмитрий Егоров («Сунтаар» позывнойдаах) уонна Николай Романов («Ронин» позывнойдаах) наҕараадалара, буойун-бэйиэттэр Василий Рожин, Анатолий Храмов кинигэлэрэ, бойобуой дьайыы сириттэн маллар-саллар бааллар. Эспэнээттэри байыастар бэйэлэрэ уонна кинилэр дьонноро аҕалан биэрбиттэр. Маны сэргэ, Ем.Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлэ эспэнээттэрэ бааллар.

Экспозицияҕа байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрин видеонан интервьюларын куар-кодунан киирэн көрүөххэ сөп. Быыстапкаҕа сылдьааччылар «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала СИА кытта бииргэ оҥорбут «СВОя история» бырайыактарын көрөллөр.

Манна байыаннай дьайыыга сырдык тыыннара быстыбыт дьоруой байыастар мэтириэттэрэ бааллар. Бу П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище устудьуоннара уруһуйдаабыт мэтириэттэрэ буолаллар.

«СВОи родные» быыстапканы «Сердца солдатских матерей» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ уонна Национальнай бибилэтиэкэ тэрийбиттэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

15 часов ago