Сыаллаах-соруктаах үлэ түмүгэ үчүгэй

Share

СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев саҕалаабыт үгүс элбэх хамсааһыннарыттан, бырайыактарыттан биирдэстэринэн «Рисуем все» буолар. Бырайыак үчүгэйдик үлэлиирин туоһутунан Хатаска «Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир итинник ааттаах түмсүү буолар. Ол курдук, биэс сыл анараа өттүгэр Хатаска «Тускул» кииҥҥэ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубанан дьарыктаныан баҕалаахтар түмсүбүттэрэ.

Хара маҥнайгыттан кимиилээхтик, тахсыылаахтык үлэлээн, бу биэс сыл тухары ситиһии, кыайыы син да балачча баарыттан биһиги, саҕалаабыт дьон, сэмэйдик үөрэбит. Биэс сылбытын көрсө икки Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ баар буоллулар, уонунан ааҕыллар быыстапка туруоран, аҥаардас “Үргэл” АРТ-галереяҕа иккитэ, Строительнай ырыынак «кыһыл саалатыгар», “Симэх” галереяҕа уо.д.а куонкурустарга, көрүүлэргэ кыттан, Хатаспыт аатын доргуччу ааттаттыбыт, Ефремовтар дьиэ-кэргэн альбом таһаардылар. Дьарыктааччыларбыт анал үөрэхтээхтэр – Шелковникова Акулина Романовна, Ефремова Анна Анатольевна, Дарья Прокопьевна, Макарова Светлана Михайловна. Бары маҥнайгы анал үөрэхтэрин Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба училищетыгар ылбыттара.

Уруһуйдьуттар биэс сыллаах үлэбит түмүгүн бэлиэтиир быыстапкалары сыл устата ыыттыбыт. Ол курдук, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ Татьяна Дмитриевна Попова уонна Владимир Захарович Ефремов Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр бырааттыы Семен, Софрон Даниловтар ааттарынан Култуура дьиэтигэр А.Осипов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр саалатыгар быыстапкалааннар, бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьонун таһынан, Сиинэ кэрэ миэстэлэрин көрүөн баҕалаах Арассыыйа, аан дойду араас муннугуттан кэлбит туристар көрөн-истэн сэргээн, үрдүк сыанабылы биэрэннэр сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. 2022-2023 сс. айар-тутар сылбытыгар быыстапкалары “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйааныгар уонна олохтоох дьаһалта дьиэтигэр туруордубут.
“Кэрэчээнэҕэ” Лазарева Октябрина Афанасьевна уонна Попова Татьяна Дмитриевна үлэлэрэ турдулар. Октябрина Афанасьевна — “Рисуем все” түмсүү саамай маҥнайгы чилиэннэриттэн биирдэстэрэ. Өр сыл сүрэҕэр, дууһатыгар иитийэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын хайдах саҕалыыбын дии саныы сырыттаҕына, оруобуна баҕалаахтар кэлиҥ диэн ыҥырыыны көрөн кэлбитэ. Ис-иһиттэн хайдах эрэ иһиллии сылдьардыы уу чуумпу, налыы-намыын туруктаах, нарын-намчы, кэрэ сэбэрэлээх Октябрина Афанасьевна кэлэригэр чуолкай ылыммыт былааннаах, барыллардаах этэ. Олус болҕомтолоох, кыраҕы харахтаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх буолан, дьоһун үлэлэри суруйда. Кини атыттартан уратыта диэн — наһаа ымпыктаан-чымпыктаан, киистэтинэн кыраасканы хас биирдии ууруутугар тиийэ толкуйдаан үлэлиир. Бэрт сотору дьиҥ бэйэтин толкуйунан таһаарбыт хартыыналарын суруйан барбыта. Уруһуйу таһынан баайыынан, тигиинэн дьарыктанар, былырыыҥҥыттан “Хатастыына” түмсүүгэ сылдьар дьүөгэлэрин уруһуйга уһуйар.
Бэс ыйын 7 күнүгэр үөрүүлээх сурах кэлбитэ. Ол “Наивное искусство” диэн дууһа баҕатынан, тулалыыр эйгэҕин хайдах ылынаргынан хартыыналары суруйар хайысхаҕа Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр икки сылга биирдэ ыытыллар куонкуруска муҥутуур кыайыылааҕынан, Кылаан бириис хаһаайкатынан Лазарева Октябрина Афанасьевна буолбутун туһунан этэ. Билиҥҥи быыстапкатын аата — “Ийэ — айылҕа айгылаах, айылҕа — ийэ иэйиилээх”. Аата да этэринии, ийэ уонна айылҕа быстыспат сибээстээхтэр. Быыстапкаҕа турбут үлэлэрин аҥаара ийэҕэ, төрөөбүт дьиэтигэр анаммыттар, сүрэҕин иэйиитин, дууһатыгар иҥмит сырдык өйдөбүллэри өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн тириэрдибит. Саҥаһа Моруусаҕа, ийэтигэр, балтыгар анаммыт үлэлэр барыбытын да долгуттулар, сылаас истиҥ иэйиигэ куустардылар.


Онтон Попова Татьяна Дмитриевна быыстапкатын аата “Айылҕа хаамыытын таайан, күн-дьыл хардыытын өйдөөн” диэнин көрдүҥ да, айылҕа күн-дьыл хардыытынан уларыйыыта-тэлэрийиитэ, баайа-дуола дэлэйдик-холойдук, истиҥник, ис сүрэхтэн иэйиилээхтик суруллубутун дьиҥ чахчы итэҕэйэҕин.
Сэтинньи байанай ыйа буоларын быһыытынан уһуйааҥҥа буолар сиэргэ-туомҥа сөп түбэһэр хартыыналар кэлбиттэриттэн уһуйаан үлэһиттэрэ үөрүүлэрэ үрдүк. Татьяна Дмитриевна СӨ култууратын туйгуна, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт уруһуйдуурун сөбүлүүр анал үөрэҕэ суох дьоҥҥо анаммыт “Наивное искусство” диэн хайысханан куонкуруска кыайан, 2020 сыллаахха, этэргэ дылы, аата-суола дорҕоонноохтук ааттаммыта. Ол кыайыылаах хартыыната дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка Третьяковскай галереяҕа турбута.


Аны биир быыстапкабыт Мигалкина Марфа Петровна “Дууһа сиэркилэтэ — сэбэрэ” диэн ааттанан, олохтоох дьаһалта дьиэтигэр турда. Бэртириэттэргэ эдэр, орто, саастаах ийэлэр сэбэрэлэрэ суруллубут. Манна ааптар тус бэйэтин бэртириэтэ, ийэтин, кыыһын, эдьиийин уонна ырыаҕа бииргэ дьарыктанар “Сайдам” вокальнай ансаамбыл далбардарын сэбэрэлэрэ күн сирин күндүтүн-кэрэтин кэрэһэлииллэр. Марфа Петровна күн бүгүҥҥүгэ диэри уһуйбут учууталларыгар махтанарын эттэ, Намнааҕы И.Винокуров аатынан училищеҕа үөрэммит сылларын сылаастык ахтан ааста.
Быыстапкалары аһыыга Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа уһуйааччыта Макарова Светлана Михайловна үөрэтэр оҕолорун кытта сылдьыбыта олус кэрэхсэбиллээх уонна махталлаах. Оҕолор тугу көрбүттэрин-истибиттэрин чобуотук, ис киирбэхтик сонно тута санаа атастастылар, о.э ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба өҥ-дьүһүн эрэ дьүөрэлэһиитигэр, айылҕа, күннээҕи олох туругун уруһуй нөҥүө биэрии таһынан санааны сайаҕастык сайан этэргэ үөрэтэрин чаҕылхай туоһута диэн сыаналаатыбыт. Быыстапкабыт аһыллыытын үөрүүтүн, өрөгөйүн Өлөксөй Калининскай-Луҥха уостан түспэт ырыаларыттан саамай саамайдарынан “Барыта үчүгэй” диэн ырыанан ааптар бэйэтин доҕуһуолунан түмүктээтибит.
Түмүкпэр куруутун көмө, тирэх буолар Дьокуускай куорат 70 нүөмэрдээх Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаанын кэлэктиибигэр (салайааччы Николаева Галина Семеновна), чуолаан үлэлэспит Ноговицына Саргылана Андреевнаҕа, олохтоох дьаһалтаҕа (салайааччы Пермяков Евгений Егорович), Иванов Григорий Александровичка махталбытын тиэрдэбит. Быыстапкаларбыт салгыы үлэлиэхтэрэ.

Наталья РУФОВА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago