«Сыана кыралаан ыарыыр»
05.12.2024, 17:30
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Итинник дэһэллэр, Дьокуускайга Чернышевскай уулусса 66 нүөмэрдээх баазатын атыыһыттара.
Кырдьык, сыныйан көрдөххө, сыана кыра-кыралаан үрдээбит курдук. Ол эрээри ас-үөл толору.
Холобур, 1 нүөмэрдээх диэн ааттанар маҕаһыыҥҥа Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин 2,5 уонна 3,5 бырыһыаннаах үүттэрин сыаната тэҥнэспит. Мас арыыта уруккуттан үрдээбэтэх. «Хоту-ас» маҕаһыыныгар бу фирма бородууксуйата, чуолаан, халбаһыларын сыаната үрдээбит. Ол эрээри «кыһыл» сыаналаах дэнэр бородууксуйалара чэпчэки. Маннык араас аахсыйалаахтар эбит. Хортуоппуй сыаната —85 солк.
+1
+1
2
+1
+1
1
+1
3
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: