Салгыы
Сыана тоҕо үрдүүрүй?

Сыана тоҕо үрдүүрүй?

24.08.2024, 10:00
Хаартыска: СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин саайтыттан.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа чугаһаата. Көмүс күһүнү көрсө саха дьоно-сэргэтэ аһы-үөлү хаһааныаҕа. Билигин сыананы ылан көрдөххө, урбаанньыттарга араастаһар. Ынах этэ, арыы улуустартан соччо киирэ илик.  Инники өттүгэр ас-үөлгэ, онтон да атын табаардарга сыана хайдах буолуоҕай?

СЫАНА ҮРДҮҮР ТӨРҮӨТЭ

Арассыыйа үрдүнэн сыл­лааҕы инфляция 9,13% (бэс ыйыгар — 8,59%) тэҥнэстэ. Киин баан дааннайынан, сыана үрдээһинэ дойду үрдүнэн 76 эрэгийиэҥҥэ буолла, ол курдук, муҥутуур үрдээбитэ Хотугулуу-Кавказ федеральнай уокуругар бэлиэтэннэ, муҥутуур намыһах — Хотугулуу-Арҕаа федеральнай уокурукка. Сүрүн төрүөтэ – бу сыл от ыйыттан олох-дьаһах хомунаа­лынай өҥөтүн төлөбүрэ, ортотунан, 9,5% индексацияланна. Эбиитин ааспыт сылга от ыйыгар хомунаалынай өҥө тарыыба үрдээбэтэҕэ, онон дааннайдары тэҥнээн көрөргө былырыыҥҥы муҥутуур намыһах сыана ылылынна. Саха сиригэр инфляция бэс ыйыгар 7,98%-тан түргэтээн, от ыйыгар 8,86% тэҥнэстэ. Бу Уһук Илин уокурук үрдүнэн 9,58%-тан намыһах көрдөрүүлээх.

Ааспыт ыйга дойду үрдүнэн инфляция үрдээһинин тохтотор уонна намтатар сыалтан үп-харчы иэс уонна кирэдьиит биэрии усулуобуйатын кытаатыннарарга быһаарыы ылыллыбыта. Итинэн сибээстээн, бары да соһуччу  истибиппитинэн, от ыйыттан Киин баан сүрүн  ыстаапкатын көтөҕөн, дойду үрдүнэн кирэдьиит биэрии усулуобуйата уларыйбыта. Ол курдук, бу сыл от ыйын 1 күнүттэн судаарыстыба өйөбүллээх чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата тохтотуллан уонна Киин баан от ыйын 26 күнүттэн сүрүн ыстаапканы 18% диэри улаатыннаран, саҥа тутуллубут да, эргэ да дьиэҕэ ипотека кирэдьиитин ылыы ыараабыта. Эспиэрдэр этэллэринэн, маннык быһаарыы үп-харчы бэлиитикэтин кытаа­тыннаран, дьон-сэргэ ортотугар наадыйыыны аччатан, инфляция салгыы үрдээбэтигэр сабыдыаллыыра күүтүллэр. Дойду Киин баана сылыктыырынан, бу дьаһаллары учуоттаан сыллааҕы инфляция 6,5-7% тэҥнэһиэҕэ. Оттон 2025 сылга 4-4,5% диэри намтаан, сыл устата 4 %-ны куоһарбата күүтүллэр. Бу бэлиитикэ сыананы бигэтитэргэ уонна экэниэмикэни уһун болдьоххо бөҕөргөтөргө көмөлөһүөхтээх. Этэргэ дылы, киһи дабылыанньатын курдук хаан баттаа­һына үрдээтэҕинэ, нуормаҕа диэри түһэрэргэ күһэллэбит, оттон аһара түстэҕинэ, үрдэтэбит. Ол курдук, инфляция билигин 9,13% үрдээбитин нуорматыгар 4%-ҥа диэри түһэрэргэ араас ньымалары туһаналлар – бу сырыыга Киин баан сүрүн ыстаапкатын 18% диэри үрдэттэ. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, дойдуга арҕааҥ­ҥы тас дойдулар сааҥсыйалара киирэннэр уонна байыаннай дьайыы саҕаланан Киин Баан сүрүн ыстаапканы 2022 сыллаах­ха муҥутуур 20% үрдэтэ сылдьыбыта, ол кэмтэн ыла 2023 сылга 7,5% түһэн баран, бу сылтан эмиэ үрдээтэ.

БАҔАРБАТАХПЫТ ДА ИҺИН…

Сыана үрдүүрүгэр эспиэр­дэрбит инники сылыктаан көрүүлэрэ эмиэ үчүгэйэ суох. Билигин Росстат ааспыт сыллааҕы от ыйынааҕы дааннайдарын кытта тэҥнээтэххэ, ордук үрүҥ ас, бэнсиин, саҥа массыына уонна көтөр аалга билиэт сыаната эбиллибит: туризм – 32,75%, куурусса сымыыта – 24,63%, саҥа массыына – 22,29%, ынах арыыта – 13,51%, ынах, сылгы этэ – 13,45%. Бэлиэтиир буоллахха, бородуукта сыаната судаа­рыстыбанан сүрүннэммэт. Хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр сыананы бэйэлэрэ быһаллар. Онон бастакы уочарат социальнай суолталаах бородуукталартан ураты атын ас-үөл, олох-дьаһах табаара, саҥа массыына, тутуу матырыйаала ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, биллэрдик үрдүүрэ билгэлэнэр. Сотору кэминэн инфляция буолан, кирэдьиит бырыһыана үрдээн уонна ас-үөл оҥорон таһаарааччылар ороскуоттара элбээн иһэриттэн кууһунан уонна биирдиилээн атыыланар араас табаар сыаната, баҕарбатахпыт да иһин, уларыйар.

Дойду экэниэмикэҕэ эспиэр­дэрэ билгэлииллэринэн, сорох табаарга сыананы үрдэтии күүтүллэр. Манна сыананы уларытыы чопчу биллэр төрүөттэри кытта сибээстээх: таһаҕас тиэйии, үлэ күүһэ, тас дойдуттан киллэрии усулуобуйата уустугуруута, саппаас чаастарга сыана уларыйыыта, о.д.а.

САХА СИРИГЭР БАЛАҺЫАННЬА ХАЙДАҔЫЙ?

Билигин маҕаһыыннарга ас-таҥас арааһа дэлэй, ханна да дэписсиит буолбута биллибэт. Олохтоох сибиэһэй бородууксуйа баар. Ол гынан, сир аһыгар балаһыанньа бэрдэ суоҕа көстөр. Улуустартан биэдэрэнэн атыылыыр сир аһа атыыга олох көстүбэт. Оннооҕор онон-манан тахсар биллэриилэр быйыл суоҕун да кэриэтэ, баар да  буоллаҕына, холобур, сугун 1 лиитирэтэ 600 солк., оттон 0,5 кыраама 300 солк. сыана быһыллан, амса­йарга эрэ аналлаах быһыылаах.

От ыйыгар Саха сиригэр ас-үөл табаардарын сыаната сыл устата 8,76% улааппыт. Киин баан Саха сиринээҕи отделын экэнэмиистэрэ бэлиэ­тээбиттэринэн, олох­тоох үүт бородууксуйатын оҥорооччулар номнуо сыананы үрдэтиини саҕалаабыттар. Ороскуоттара үрдээн, үүт, сүөгэй уонна ынах арыытын сыаната сыллааҕы үрдээһинэ түргэтээбит, оттон иэдьэгэй сыанатын түһүүтэ бытаарбыт. Кондитерскай бородууксуйаны оҥорооччулар эмиэ бурдук аһы, рулеттары уонна бирээнньиктэри сыллааҕы сыанатын улаатыннарбыттар. Инфляция  быйыл бэс ыйыгар 7,98%-тан от ыйыгар 8,86% тэҥнэспит, оттон былырыыҥҥытааҕар бородуукта сыаната – 8,76%, оҕуруот аһа – 9,57%, атын табаардар – 7,26%, дьону таһар тыраа­ныспар өҥөтө – 9,72% эбиллибит. Ааспыт сылга солкуобай кууруһа бөҕөргөөн, халадьыынньык уонна тэлэбиисэр сыаната үрдүүрэ бытаарбыт, оттон смартфон төттөрүтүн сыаната түспүт. Кэлэр ыйтан сорох та­­баар сыаната өссө эбиллиэ диэн эспиэрдэр сэрэтэллэр.

Уһук Илин федеральный уокурукка инфляция хамсааһына:

  • 2023 сыл от ыйа — 4,56%;
  • 2024 сыл бэс ыйа — 9,3%,
  • 2024 сыл от ыйа — 9,58%.

Сыл саҥатыттан сорох бородуукталарга сыана үрдээһинэ*

  • Хортуоппуй – 88,2%;
  • Хаппыыста – 47,2%;
  • Сүбүөкүлэ – 43,7%;
  • Моркуоп – 39,5%;
  • Дьаабылыка  — 33,9%;
  • Эриэппэ луук – 24,8%;
  • Бараан этэ – 22,6%;
  • Ынах арыыта – 10,1%;
  • Сүөһү этэ – 8,4%;
  • Саахар – 8,1%.

*Росстат от ыйынааҕы дааннайынан

Анастасия Долгунова, Киин баан Саха сиринээҕи салаа­тын экэниэмикэҕэ отделын эрэгийиэннээҕи анаалыстаа­һын хайысхатын салайааччыта:

– Саха сиригэр бу сыл от ыйыгар өҥөнү оҥоруу сыаната биллэрдик үрдээтэ. Сүрүн төрүөтэ – Арассыыйа үрдүнэн бу сыл от ыйын
1 күнүттэн дьиэ-уот хомунаалынай өҥө тарыыба индексацияламмыта. Холобур, ааспыт сыл от ыйыгар ОДьКХ өҥөтүгэр индексация ыытыллыбатаҕа, онон ОДьКХ өҥөтүгэр сыл­лааҕы сыана үрдээһинэ түргэтээбитэ.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: