«Сыананы аһара үрдэтимэҥ»
Сайыннары-кыһыннары ыраах улуустартан Дьокуускай куоракка дьон кэлиитэ-барыыта аҕыйаабат. Бу сыалга ыраах айаҥҥа турунааччылар үксүн таксыы өҥөтүн туһаналлар.
Соторутааҕыта Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай ситимнэрин бөлөхтөрүгэр атырдьах ыйыттан сыана биллэрдик үрдүүрүн туһунан таксыы сулууспалара куоталаһа-куоталаһа биллэрии тарҕаттылар. Санатан эттэххэ, таксыы суоппардара гаас, уматык сыаната үрдээбитинэн уонна уустук суол үөскээбитинэн тарыыбы үрдэтэр баҕалаахтарын туруорустулар, оттон олохтоохтор «сыананы аһара үрдэтимэҥ» диэн санааларын социальнай ситимнэринэн этиннилэр.
Биллэн турар, хас улуус ахсын таксыы өҥөтүн сыаната араас. Холобур, Дьокуускайтан 660 тахса км ыраах сытар Үөһээ Бүлүү улууһугар бырайыас сыаната ортотунан 2500-3000 солк. буолар. Бүлүү бөлөх улуустарынан бу сыана былырыыҥҥыттан улаханнык халбаннаабакка уонна үрдээбэккэ турбута.
Арай атырдьах ыйыттан тарыып сыаната үрдээн 4000 солк. буолуоҕа диэн элбэх дьону-сэргэни аймаан, олохтоохтор истэригэр үгүс кэпсэтиини таһаарда. Холобур, 5 киһилээх дьиэ кэргэн Дьокуускайга айанныыр буоллаҕына 20 тыһ. солк. ороскуоттуур. Бу тыа сирин олохтоохторугар быдан улахан охсуулаах буолара чуолкай. Ити курдук, кэлэр-барар айаҥҥа биэс киһилээх дьиэ кэргэттэр 40 тыһ. солк. ууран биэрэллэригэр тиийэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев санаатын үллэһиннэ.
– Билигин таксыы бырайыаһа Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускайга диэри биир хайысханан 3000 солк. Билэр таксыы суоппардарын кытта кэпсэттим, кинилэр атырдьах ыйын 1 күнүттэн бырайыас сыанатын чахчы 3500 солк. эбэтэр 4000 солк. диэри үрдэтиэхтэрин баҕаралларын эттилэр, онтон итинтэн атын үрдүк суума тарҕаммыта сымыйа сурах, хобу-сиби тарҕатыы. Биллэн турар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ сыана үрдээһинэ олус куһаҕан. Сотору кэминэн улуус дьаһалтатыгар таксыы сулууспаларын бэрэстэбиитэллэрин уонна олохтоохтору ыҥыран сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытыахпыт. Таксыы суоппардара мунньаҕы ыытарга сөбүлэстилэр, — диэн Валерий Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: