Салгыы
Сүбэһит: Аат уларытыытыгар сүбэлэр

Сүбэһит: Аат уларытыытыгар сүбэлэр

Ааптар:
02.06.2023, 18:30
Бөлөххө киир:

Киһи аатын  үчүгэйдик толкуйдаан, ыйааһыннаан баран уларытара ордук. Тоҕо диэтэххэ, аат уларыйыытын кытта элбэх докумуон, юридическай сыһыаннаһыы сибээстээх, ону барытын кэмигэр уларыттарар ирдэнэр. Онон аат уларытар дьон маннык түгэннэри учуоттуохтарын наада.

-Арассыыйаҕа  190-тан тахса  араас  омук олорор. Билиҥҥитэ национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ ГТАС уорганнарын туоһу суруктарын икки тылынан толоруу барар. Ол курдук, туоһу сурук нууччалыы өттүгэр нууччалыы буукубаларынан толоруллар  (холобур «кыыһа» диэҥҥэ «с», эбэтэр «ь», эбэтэр атын нууччалыы буукуба гражданин бэйэтин баҕатынан суруллар), онтон сахалыы өттүгэр сахалыы буукубаларынан суруллар. Атын тэрилтэҕэ сахалыы толоруу диэн суох;
— 18 сааһын туола илик оҕолоох төрөппүттэр ааттарын уларыталлара уратылаах. Ол курдук, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо бырааба күөмчүлэммэтин туһугар, кини төрөппүттэрин ааттара уларыйар түгэнигэр оҕо докумуонугар эмиэ уларыйыы киирэн иһиэхтээх. Бу ордук арахсыбыт төрөппүттэргэ уустук соҕус боппуруос. Онон оҕо төрөппүттэрэ биир санааҕа кэлэллэрэ ордук;
-14 сааһыттан 18 сааһыгар диэри оҕо бэйэтин аатын уларытар буоллаҕына төрөппүттэртэн (арахсыбыт да буоллахтарына) иккиэннэриттэн сөбүлэҥ ирдэнэр (ЗАГС-ка кэлбэт түгэннэригэр нотариуһынан бигэргэммит буолуохтаах);

— 2012 сыл ыам ыйын 22 күнүттэн «Саҥа төрөөбүт оҕоҕо сахалыы үгэһинэн араспаанньа уонна аҕа аатын иҥэрии» диэн сокуон олоххо киирбитэ. Бу сокуоҥҥа олоҕуран элбэх оҕоҕо аҕатын аатыгар эбии «уола, кыыһа» диэн сурулунна.

Анна Григорьева, СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн Гражданнар туруктарын аактатын суруйар Управление
Сунтаар улууһунааҕы салаатын салайааччыта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: