СҮБЭҺИТ: абааһы тайаҕа киһиэхэ туох кутталлааҕый?
Хас биирдии Саха сирин олохтооҕо тэлгэһэтин иһигэр, ходуһаҕа, бааһынаҕа, ардыгар тыаҕа 2-3 миэтэрэ үрдүктээх абааһы тайаҕа үүнээйи (борщевик) олус хойуутук үүнэн турарын көрбүтэ буолуо. Үүнээйи Сэбиэскэй кэмтэн урут сүөһү эбии аһылыгар сыаллаан киэҥник туһаныллыбыт эбит буоллаҕына, билигин Саха сирин үрдүнэн киэҥник тарҕанар.
Бу үүнээйи сүлүһүнэ дьааттаах, киһи тириитин сиир уонна доруобуйаҕа улахан охсууну оҥоруон сөп. Учуонайдар үүнээйини муҥутуур 70-тан тахса араас көрүҥэр араараллар, ол эрээри киһи доруобуйатыгар сүҥкэн улахан охсууну «Сосновскай» (Heracleum sosnowskyi Manden) диэн көрүҥэ оҥорор.
Туох кутталлааҕый?
Абааһы тайаҕар баар токсичнай эттиктэр киһи тириитин, ону кытта харах дьэҥкир бүрүөтүн эчэтиэн сөп. Бу үүнээйигэ хас да төгүл үрдүк концентрациялаах фотосенсибилизирующай псорален диэн дьааттаах эттиктээх. Сүлүһүнэ күн уотугар күүһүрэн киһи тириитин сиир уратылаах. Дьааттаах сүлүһүнэ үүнээйи бары чаастарыгар тарҕанар. Ол эрээри дьаата дьыл кэмиттэн уонна тулалыыр эйгэ усулуобуйатыттан көрөн араастаһыан сөп.
Үүнээйи дьаата киһи тириитигэр сыһыннаҕына 15 мүнүүтэ иһигэр күн уотугар күүһүрэн, чаас аҥаарынан дерматит ыарыыга кубулутар. Судургутук эттэххэ, дьаата киһи тириитигэр түбэстэҕинэ иккис-үһүс истиэпэннээх эчэйиини үөскэтэр. Ону таһынан тыынар уорганнарга дьайар, хотуолатар, төбө ыарыытыгар тиэрдэр уонна конъюнктивикка тиэрдиэн сөп.
Хайдах харыстанабыт, эмтиибит?
- салфетканан, сотторунан эбэтэр ыраас таҥаһынан сүлүһүнэ сыстыбыт сирин сотобут;
- ыраас, мыылалаах сөрүүн уунан суунабыт;
- уу суох буоллаҕына, күн уотуттан харыстыыр кириэминэн сотобут;
- бааһырдыбыт сирин күн уотуттан хаххалыыбыт;
- антигистаминнаах эмтэри ылан иһэбит;
- икки күн устата күн уотугар сылдьартан туттунабыт;
- улаханнык сиэбит буоллаҕына бырааска көрдөрүнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: