Салгыы
СҮБЭҺИТ: Аныгы кэм «ыарыыта» — депрессия

СҮБЭҺИТ: Аныгы кэм «ыарыыта» — депрессия

Ааптар:
12.10.2024, 19:00
pxhere.com
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэ дьоно кэлиҥҥи кэмҥэ элбэхтик «депрессия» диэн тылы туттар буолла. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ депрессияны киһи психиката баттаммыт, мөлтөөбүт, санаата күүскэ түспүт кэмэ диэн быһаараллар.

Бу ыарыы буолбатах. Санаа уларыйыытын кэмиттэн биир түгэнэ. Болдьоҕунан уһун да, кылгас да буолуон сөп. Ол киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.

Тоҕо күһүн депрессия саҕаланар дииллэрий? Киһи санаата уларыйара дьыл кэмиттэн тутулуга суох. Күһүн халлаан сөрүүкүүр, үгүстүк ардыыр, инчэҕэй хаар түһэр, от-мас хагдарыйар, тымныйар. Көрдөххө айылҕа көстүүлэрэ киһи санаатын түһэрэр курдуктар эрээри, оннук буолбатах. Айылҕа сүдү күүһэ кини оҕотугар — киһиэхэ — баар. Киһи толкуйдуур кыахтаах. Толкуйдуур буолан, санаатын араастан эргитэн уларытар. Ол иһин киһи санаатын туруга бэйэтин илитигэр.

Депрессияттан хайдах тахсабыт:

  1. Үчүгэйдик аһыыбыт. Фастфуд даһылыктан аккаастанабыт.
  2. Эрдэ утуйабыт. Манна утуйарга анаан араас эмтэри иһэр сатаммат. Эрдэ утуйарга күһэйэбит — киһиэхэ утуйуу киһини олус сөргүтэр, саамай күүстээх эмп.
  3. Туран хамсанабыт — гиподинамия үйэтигэр олорор буоламмыт, хамсаныыбыт аҕыйах. Дьиэ-уот хомуйабыт, таһырдьа салгын сии пааркаҕа хаамабыт эбэтэр сатыы үлэҕэ диэри барабыт
  4. Депрессияттан тахсарга үтүөнү эрэ толкуйдуур олус суолталаах. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ үтүөнү оҥоруҥ. Мичээрдээҥ, тулалыыр эйгэ бастыҥ өрүттэрин көрдөөҥ.
  5.  Депрессияттан тахсарга бэйэҕэр үчүгэй иэйиилэри бэлэхтээ. Дьахталлар таҥас-сап атыылаһыахтарын сөп, оттон эр дьон — атах таҥаһа,  бултуурга саа, үнүстүрүмүөн, о.д.а.
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: